Айтал (аат)

Айтал — сахалыы уол, эр киһи аата.

Суолтата

«Кэрэни, талбаны айааччы» диэн суолталаах.

Ону таһынан, «ай, тал» диэн тыллартан тахсыбыт эбэтэр «айыылар талбыт (уоллара)» диэн суолталаах буолуон сөп.

Биллэр дьон

  • Айтал Степанов (1991 с. т.) — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, «Рядовой Чээрин» (2021) киинэҕэ Егор Чээрин оруолун толорбута[1];
  • Айтал Слепцов (1998—2026) — ырыаһыт, киинэ артыыһа, «Миигин кытта үҥкүүлээ» (2021) киинэҕэ сүрүн оруолу толорооччу[2];
  • Айтал Яковлев (1984 с. т.) — устуоруйа билимин хандьыдаата, ХИФУ дассыана[3];
  • Айтал Алексеев — муусукаан, URAAN инди-дэнс бөлөх төрүттээччитэ[4].

Култуураҕа

  • «Айтал» — ырыа бөлөҕө;
  • АйТал — Москваҕа үөрэнэр Саха сириттэн төрүттээх ыччат уопсастыбаннай түмсүүтэ;
  • «Айтал уонна аптаах күүс» ойуулук сүрүн дьоруойа Айтал диэн ааттаах[5].

Быһаарыылар

  1. Айтал Степанов. Кино-Театр.Ру. Сигэнии күнэ: 15 От ыйын 2026.
  2. Погиб звезда фильма "Миигин кытта үҥкүүлээ". sakhaday.ru. Сигэнии күнэ: 15 От ыйын 2026.
  3. https://www.s-vfu.ru/staff/357669994. СВФУ. Сигэнии күнэ: 15 От ыйын 2026.
  4. uraan. uralmusicnight.ru. Сигэнии күнэ: 15 От ыйын 2026.
  5. Детский канал «Тооку» отмечает годовщину: новый мультфильм в кинотеатрах Якутии | Якутия24(биллибэт). yk24.ru. Сигэнии күнэ: 15 От ыйын 2026.

Категориялар