Айдар күөл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Айдар күөл

Айдаркуль(узб. Aydar koli, Айдар кули; Haydar koli, Хайдар кули) - улахан күөл. Күөллэр Арнасайскай систиэмэлэригэр, ууну мунньар улахан ускуустубаннай күөл. 1960-ус сылларга Сырдарьяны быһыттаабыттар. Ону кытта тэҥҥэ,Шардаринскай ГЭС туттуллубут. Уу таһымын хонтуруоллуурга шлюзтар оҥоһуллубуттар. Ол эрээри, 1969 с. хайаҕа хаар ууллубутуттан, күүстээх ардахтартан уу элбээбитигэр шлюзтары арыйбыттар. 1969 с олунньутуттан, 1970 сыл олунньутугар диэри Сырдарья сыл аҕайы таһаарар уутун 60%(21 куб.км.)Шардаринскай ууну мунньар сиртэн, Арсанайскмй налыыга киирбит. Ол түмүгэр күөл үөскээбит. 1969 сылтан куруук, Айдар күөлгэ, өскөтүн, Шардаринскай уу мунньар сир уута быһыты нөҥүө түстэҕинэ Сырдарьяттан уу кэлэр буолбут. Ол курдук, Арсанайскай налыы, сыыйа-баайа уунан туолан, эрэгийиэҥҥэ иккис улахан күөл баар буолбут. Бастакы - уолан эрэр Араал муората. 2005 сылга, Айдар күөлгэ, 44,3 куб.км.уу баар эбит. 2006 с. күөл иэнэ - 3478 кыб.км.буолбут, уһуна - 160 км., кэтитэ - 34,8 км. Айдар күөл уутун минерализацията - литрга 2 грамм. Муора таһыммыттан саамай үрдүгэ - 247 м. Күөлгэ, балыктар элбэх көрүҥнэрин аҕалан ыыппыттар, ол иһигэр: сазан, судак, лещ, сом, жерех, чехонь, змееголов бааллар. Ити балыктар, күөлгэ балыктааһын сайдарыгар тирэх буолбуттар. Билигин, сылга, 760-2000 тоннаҕа диэри балыктыыллар. Күөлгэ, ууга устар көтөрдөр Араал муоратыттан көтөн кэлэллэр. Айдар күөл элбэх дьон олорор сириттэн ыраах сытарынан, кытылларыгар 1760 кэриҥэ киһи олорор. Айдар күөл оройуона балыктыырга, көһө сылдьан сүөһүнү иитэргэ, туризмы тэрийэргэ табыгастаах уонна кэскиллээх сир. Күөл, кыһын тоҥмот. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%90%D0%B9%D0%B4%D0%B0%D1%80%D0%BA%D1%83%D0%BB%D1%8C https://www.centralasia-travel.com/ru/countries/uzbekistan/places/aydarkul