Азия сэлиитэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Bandipur National Park, Карнатака, Ииндийэ
Yala National Park, Шри Ланка

Азия сэлиитэ (Ииндийэ субконтиненыгар уонна Соҕуруулуу-илин Азияҕа тарҕанан олорор. Былыр быдан киэҥ ареаллаах этэ арҕаа Иракка, Ираҥҥа, Түүркүйэҕэ, Сирияҕа дылы тиийэ. Азия сэлиитэ сэлиилэр кэргэннэрин үс тыыннаах көрүҥүттэн биирэ буолар. Атын иккитэ Африка саванна уонна ойуур сэлиилэрэ. Улаханынан саванна сэлиитин кэнниттэн иккис. Олоҕун уһуна 60–75 сыл. Азия сэлиитэ 1986 сылтан ыла эстэр кутталлаах көрүҥ диэн Кыһыл кинигэ тиһигэр киирбитэ. 2019 сыл ахсаанынан 48,323–51,680 кэриҥэ Азия сэлиитэ баар.

Азия сэлиилэрэ Инд цивилизациятын кэмигэр иитиллибиттэрэ. Бу туһунан Мохендьо-даро археология түөлбэтигэр булуллубут сэлии уҥуохтара туоһулууллар. Манна эбии сэлиилэр тамҕа ойууларын уонна туой бодолорун булбуттара. Азия сэлиилэрин сэриигэ туһаналлара миинэн кимиигэ да халалааһыҥҥа да. Тойотторго сэлии статус бэлиэтэ буолара. Ордук киэҥник сэлиилэри үлэҕэ туһаналлар. Ыарахан барымталары тастараллар көтөхтөрөллөр. Бадарааннаах куһаҕан суолунан, суола суох ойуурунан дүлүҥнэри уонна да атын тутуу материалларын тиэйэргэ баһаам туһалаахтар. Азия сэлиитэ Ииндийэ субконтиненын култууратыгар улахан дьайыылаах. Сэлиилэр былыргы Панчатантра уонна Дьатака курдук номохторго ахтыллаллар. Ганеша таҥарата сэлии төбөлөөх. Индуистар тойдоругар мааны киэргэллээх сэлиилэри хаамтараллар. Бирма, Тайлаан, Шри Ланка астрологияларыгар сэлии эмиэ улахан оруоллаах.

Азия сэлиитин алын көрүҥнэрэ: