Аан дойдутааҕы ядернай боруобалааһыны утары күн

Аан дойдутааҕы ядернай боруобалааһыны утары күн атырдьах ый 29 күнүгэр бэлиэтэнэр. 2009 сыллаахха ахсынньы 2 күнүгэр ХНТ Генеральнай Ассамблеятын 64-с сессиятыгар 64/35 резолюцияҕа олохтоммута, ону биир санаанан ылыммыттара.[1]

Бу уураах «Ядернай сэрии сэбин боруобалыыр эстиилэрэ эбэтэр атын ханнык баҕарар ядернай эстиилэр содуллара эйэни ситиһэр биир ньыма быһыытынан кинилэри тохтотор наадатын туһунан» өйдөбүлү үрдэтиигэ ыҥырар. Бу резолюцияны Казахстаан 1991 сыллаахха атырдьах ый 29 күнүгэр Семипалатинскайдааҕы атомнай боруобалар сирдэрин сабыллыбытын чиэһигэр ылыммыта, бу резолюцияны 26 судаарыстыба (ол иһигэр Эрмээнийэ, Беларусь, Тадьикистаан уонна Түркменистаан) өйөөбүтэ.[1]

Быһаарыылар

  1. 1 2 International Day against Nuclear Tests. United Nations. Сигэнии күнэ: 16 Ахсынньы 2012. Архивировано 28 Атырдьах ыйын 2019 года.

Категориялар