Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ

Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ (ХНТ атын тылларынан: араб. اليوم الدولي للأسر, исп. Día Internacional de las Familias, фр. Journée internationale des familles) — 1994 сылтан саҕалаан, сыл аайы бэс ый 15 күнүгэр бэлиэтэнэр. ХНТ Генеральнай Ассамблеята Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы сылын туһунан резолюциятыгар (1993 сыл сэтинньи 20 күнүнээҕи № A/REC/47/237 уураах) биллэрбитэ. Бу күн олохтонуута дойдулар уопсастыбаннастарын болҕомтотун дьиэ кэргэн кыһалҕаларыгар тардар сыаллаах.

Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнүн билиҥҥи тиэмэтигэр ХНТ Генеральнай сэкирэтээрин ыҥырыылара сыл аайы бэчээттэнэллэр. Холобур, 2005 сыллаахха тахсыбыт сурук ВИЧ-инфекциялаах дьону өйүүргэ дьиэ кэргэн улахан оруолун уонна ыалдьар төрөппүттэрин көрөр оҕолорго көмөлөһөр наадатын туһунан этиллэр.

Күн тиэмэлэрэ

Сыл аайы Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүгэр тиэмэ талыллар:

  • 2022 сыл — «Дьиэ кэргэн уонна урбанизация»
  • 2021 сыл — «Дьиэ кэргэн уонна саҥа технологиялар»
  • 2020 сыл — «Сайыннара сылдьар дьиэ кэргэн: Копенгаген уонна Пекин +25»
  • 2019 сыл — «Дьиэ кэргэн уонна климат уларыйыытын утарар дьайыылар»
  • 2018 сыл — «Дьиэ кэргэн уонна инклюзивнай уопсастыба»
  • 2017 сыл — «Дьиэ кэргэн, үөрэхтээһин уонна олох уйгута»[1]
  • 2016 сыл — «Дьиэ кэргэн, чэгиэн олох уонна туруктаах кэскил»
  • 2015 сыл — «Эр киһи эппиэттиннэстээх дуо? Аныгы дьиэ кэргэҥҥэ гендернай тэҥнэһии уонна оҕо бырааба»
  • 2014 сыл — «Сайдыы сыалларын ситиһиигэ дьиэ кэргэн сүрүн оруола; Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ +20»
  • 2013 сыл — «Социальнай интеграцияны уонна көлүөнэлэр икки ардыларынааҕы сомоҕолоһууну көҕүлээһин»
  • 2012 сыл — «Дьиэ кэргэн уонна уопсастыба туһатыгар үлэ уонна дьиэ кэргэн эбээһиннистэрин икки ардыларыгар тэҥнэһиини хааччыйыы»
  • 2011 сыл — «Кыра дохуоттаах ыаллар уонна социальнай тэйии кыһалҕаларын быһаарыы»
  • 2010 сыл — «Аан дойдуга дьиэ кэргэҥҥэ көһүү сабыдыала»
  • 2009 сыл — «Ийэ уонна дьиэ кэргэн: уларыйа турар дойду боппуруостара»
  • 2008 сыл — «Аҕа уонна дьиэ кэргэн: эбээһинэстэрэ уонна соруктар»
  • 2007 сыл — «Дьиэ кэргэн уонна инбэлииттэр».
  • 2006 сыл — «Уларыйа сылдьар дьиэ кэргэн: соруктар уонна кыахтар»
  • 2005 сыл — «ВИЧ уонна СПИД дьиэ кэргэн олоҕугар сабыдыала»
  • 2004 сыл — «Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн сыла уон сыл туолуута: дьайыы тиһилигэ»
  • 2003 сыл — «Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн сыла уон сылын көрсө бэлэмнэнии уонна ону бэлиэтээһин»
  • 2002 сыл — «Дьиэ кэргэн уонна кырдьыы — кыахтар уонна соруктар»
  • 2001 сыл — «Дьиэ кэргэн уонна волонтерство: социальнай сомоҕолоһууну бөҕөргөтүү»
  • 2000 сыл — «Дьиэ кэргэн: сайдыы субъега уонна бенефициария»
  • 1999 сыл — «Бары саастаах дьоҥҥо анаан дьиэ кэргэн»
  • 1998 сыл — «Дьиэ кэргэн: киһи быраабын хааччыйыы уонна тарҕатыы»
  • 1997 сыл — «Бииргэ үлэлээһиҥҥэ олоҕурар ыаллары тэрийии»
  • 1996 сыл — «Дьиэ кэргэн — дьадаҥы уонна дьиэтэ суох буолуу бастакы сиэртибэлэрэ»
  • 1995 сыл — «Дьиэ кэргэн: омук атааннаһыытын сэрэтэр уонна тулуурдаах буолууну көҕүлүүр сүрүн ньыма»
  • 1994 сыл — «Дьиэ кэргэн киһи сайдыытыгар сүрүн оруола»

Быһаарыылар

  1. Международный день семей (15 мая) (рус.). www.un.org. Сигэнии күнэ: 15 Ыам ыйын 2016. Архивировано 3 Бэс ыйын 2016 года.

Категориялар