Аан Алахчын

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аан Алахчын (Аан Алахчын Хотун) — айыылартан биирдэстэрэ. Кини аата элбэх. Сороҕор Күөгэл Хотун, Иһэгэй Хотун эҥин дииллэр. Аан Алахчын үксүн Иэйэхсит сирдээҕи күлүгэ буолар. Онон кини үүнээйилэри, кыыллары, көтөрдөрү араҥаччылыыр. Кини Иэйэхсит күүһүн айылҕаҕа биэрэр. Алахчын олорор сирэ ытык сир буолар.

Кини оҕолордоох, Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолор дииллэр. Аан Алахчын киһиэхэ киирэн киһини оту-маһы, кыылы-көтөру, үөнү-көйүүрү кытта сибээстиир. Төһөнөн киһи ийэ кута киэҥ сибээстээх да, киһи кута-сурэ соччонон бөҕө. Аан Алахчыҥҥа анаан ыам ыйыгар, бэс ыйын саҕаланыытыгар салама ыйааһынын туома ыытыллар. Бэс ыйын бастакы аҥарыгар Эрэкэ-Дьэрэкэ оҕолорго анаан Туҥуй кымыс ыһыаҕа буолар. Ыһыах эмиэ Аан Алахчыҥҥа ананар.

Айыы хотуна Аан Алахчын.

Һаха мифологиятын Үрдүк Айыыларыттан биирдэстэринэн: хаар курдук  астаах, хабыйахаан курдук эттээх  икки көҕүөр симиир саҕа эмиийдээх Айыы хотуна Аан Алахчын буолар. Кини Аар Кудук Мас төҥүргэс буолбут төрдүттэн куругар дылы быган тахсан олорон сүбэлиир- амалыыр. Сай ортото Айыы хотуна Аан Алахчын эрэкэ- дьэрэкэ оҕолорунаан эрийэ тыал оҕото буолан сирин дойдутун көрөр- истэр идэлээх,-  диэн номохторго этиллэр. Айыы хотуна Аан Алахчын  Ахемениидтэр саҕанааҕы Иран Ардвисура Анахита (Харахвати) богиняттан төрүттээх- удьуордаах.  Ол туохтан көстөрүй?

Ахемениидтэр саҕанааҕы Иран итэҕэлин Геродот суруйуутунан өйдүүбүт. Кини: перстэр аһаҕас халлаан анныгар үҥэллэр- сүктэллэр. Кинилэргэ хараан, статуя диэн отой суох, оннооҕор алтаар даҕаны сиэрэ- туома сайдыбатах,-  диэн өйдөбүлү биэрэр. Оттон бүтэһик Ахемениидтэр кэмнэригэр туох- ханнык уларыйыы барбытын туһунан М. Бойс (79стр)  субу курдук суруйар: "Беросс, вавилонский жрец, живший в начале 3 в. до.х.э. сообщает, что Артаксеркс2 (404-359гг. До.х.э) первый перс, который ввел поклонение изображениям, установив статуи Афродите- Анаитиде  в главных городах империи и приказал народу их почитать". Ити да иннинэ, Геродот: Афродита Урания курдук богиня Сирияҕа, Персияҕа баар, сакиларга “Артимпаса” диэн ааттанар,- диэн суруйбута. Салгыы ааҕабыт: "Очевидно, зороастрийцам было предписано поклоняться этим статуям, как изображающим  Арэдви Суру Анахиту". (Билиҥҥи кэмҥэ: ити улуу богиня дьиҥ бастааҥы төрүт аата Харахвати,- диэн расшифровкаланар, ааҕыллар). Дьэ, ити өрүс (сир- дойду) богинятын, төрүт Харахвати диэн аата, Артаксеркс2 Афродита- Анаитида статуяларын импиэрийэ сиригэр- уотугар туруортаабыт кэмиттэн саҕалаан, сурукка тиһиллибэт буолан хаалбыта. Аны туран, ол статуялар Арэдви Сура Анахита,- диэн ааттаммыттара. Өссө, манна таарыйа эттэххэ: ити богиня айыы,- диэн ааттанара (“Ардвисура Анахита (является) Маинйу мифической мировой реки” (М.Бойс, 56 стр)

Аны миф. тылдьыта тугу суруйарын көрүөҕүҥ: “Ардвисура Анахита, авест, в иранской мифологии богиня воды и плодородия”; "Её просят, принося жертву, о даровании силы и могущества знаменитые как иранские, так и туранские богатыри, но она удовлетворяет просьбы только первых”; “в форме Анахит (Анаит) это имя вошло в армянскую мифологию”.

Уваровскай бичигилээн суруйбут “Олонно” диэн сказкатыгар этиллэр: Эрэйдээх- буруйдаах Эр соҕотох  хас да түүнү быhа утуйбакка эрэйдэнэн айыы хотуна Аан Алахчыҥҥа сүбэлэтэ- амалата, алҕыс ыла, уһуга суох БүППэт Далатын ортотугар  үүнэн турар Аар Кудук маһыгар кэлэр.

Дьэ, ол Айыы хотунун, былыргы Ирээн импиэрийэтэ буола сылдьыбыт сирдэргэ магометанство киириитин саҕана, холбуон Албасты диэн ааттаах  маҥан уhун астаах  (баттахтаах) уонна өҕүмэр эмиийдээх; сорох- сорох номохторго этиллэринэн: онтукатын, өссө, санныгар быраҕан кэбиhэн баран эр дьону сырсар идэлээх, абааһыга- демоҥҥа  кубулутан кээһэн тураллар. Ити  дьүhүннээһин "хаар курдук астаах, хабыйахаан курдук эттээх, икки көҕүөр симиир саҕа эмиийдээх" диэн эпитеттаах Аан Алахчыны  санатар буолбаат. Дьэ, көрүөҕүҥ: 1. Вавилоҥҥа "генеалогическое древо божеств" диэн суолталаах уонна оннук  даҕаны ойууланар Мардук,- диэн өйдөбүл баара. 2. Арэдви Сура Анахита төрүт, дьиҥ, аата Харахвати,- диэн этэ. 3. Сахаҕа Айыы хотуна Аан Алахчын Аар Кудук мастан курданарыгар дылы быган олорор. 4. Аан Алахчын уонна Албасты "маҥан  уһун астаахтар уонна өҕүмэр эмиийдээхтэр". 5. Киин Ааһыйа туур тыллаах омуктарыгар Албасты демоннара Марту, Мартуу, Мартув, Мартук диэн ааттаналлар. 6. "Айыы хотуна” диэн ааттаах хотуттар, билигин даҕаны, син, эҥин омукка баар. Таарыйа эттэххэ: Турцияҕа баар София хараана аан бастааҥы аата “Айыы хотуна София” диэн эбитэ. Ситим баара илэ- бааччы көстөр.

Убаарыскай "Олонно" сказкатыгар: Айыы хотуна Аан Алахчын алҕыыр уонна  бэйэтэ "кыыкынаан- кыыкынаан үрдүөн- үрдүөн (?) баран урукку төлүнэн Аар мас буолан  хааллаҕа" диэн суруйбут. "Аар мас буолан хаалара" өйдөнөр, онно олорор буоллаҕа дии. Онтон "үрдүөн- үрдүөн" диэн этээhин манныктан үөскээбит буолуон сөб: Вавилон сүрүн башнятыгар Үрдүк Айыылар тугу этэллэрин истэн- билэн дьоҥҥо иһитиннэрэр соруктаах  жрица талыллан олороро. Ол өйдөбүлэ кыбыллан хаалан- хаалбыт быһыылаах.

Артаксеркс2 олорбут кэмнэригэр Ардвисура Анахитаны таһынан: Атурошан; Тиштрйа; пери  уо.д.а. итэҕэл өйдөбүллэрэ балайда киэҥник сурукка  тиһиллибиттэр.

Быһаарыылар:

Геродот х.э.и. 484- 431сс. (эбэтэр 425с) олорбута.

М.Бойс. Зороастрийцы. Верования и обычаи. Центр “Петербургское Востоковедение”. Санкт- Петербург. 1994.

Харахвати. Иран мифологиятыгар (итэҕэлигэр эмиэ буоллаҕа) өрүс (сир- дойду) богинята этэ. Онтон Артаксеркс2 Афродита- Анаитида статуяларын туруортуурун саҕана ити аат сүтэн хаалбыта. Ол статуялар Арэдви Сура Анахита,- диэн ааттаммыттара. Һаха Айыы хотуна Аан Алахчын ити богиняттан туруору удьуордаах.

Маинйу. Авест, дух, душа, гений. Һаха: Айыы,- диэн өйдөбүлэ итинтэн удьуордаах.

Ангра- Маинйу. Авест, “злой дух”. Һаха: Аньыы,- диэн өйдөбүлэ итинтэн удьуордаах.

Бичигилии; бичик. Уваровскай: вчинять, вмещать, включать по чину, по порядку,- диэнтэн үөскэтэн таһаарбыт тыла.

Олоҥхо. (Уваровскай “Ахтыы” суруйуутугар киллэрбит сказкатын бас аатын: Олонно (биир “н”- наах уонна үрдүгэр двоеточие бэлиэлээх),- диэн суруйбута. (Олондасъ, олонно, очень давно, встарь, древле,- диэнтэн). Туох да диэбит иһин, номох (наме) диэн тылы- өйдөбүлү “олоҥхо”,- диэн тылынан кубулутуу итинтэн саҕаламмыта. /Һаха номохсута: “Былыргы олоххо, номохторго кэбсэнэринэн...”,- диэн тылларынан уһун номоҕун- сэһэнин саҕалыыра.

Буруйдаах. (Бурыхтать, силой окунать в воду,- диэн тыл- өйдөбүл сахатыйбыта).

БүППэт Далатын ортотугар. (Казахстан, БетПак Дала,- диэнтэн).  

Бастааҥы: былыргы, өбүгэ сахтар саҕанааҕы; илин бас,- диэн өйдөбүллэрдээх тыл. Байанай итинник ааттааҕа (эпитеттааҕа) буолуохтаах.

Аар Кудук мас; Аар мас. Һахаҕа: Бүтбэт Дала ортотугар үүнэн турар аахсыыта суох үйэлээх, тоҕус салаалаах, тоҕус силистээх  Аар Кудук мас,- диэн өйдөбүл баар. Аны, Вавилон өйдөбүллэрин көрүөҕүҥ: Вавилоҥҥа Мардук,- диэн өйдөбүл баара. Кини "генеалогическое древо божеств"  диэн суолталааҕа уонна оннук  даҕаны ойууланара. Кэлиҥҥи Ассирия саҕанааҕы сурукка "Мардук "сиһин тоноҕоһо кедр мас" диэн этиллэр. Туох  да диэбит иһин: Артаксеркс2  саҕана, Вавилон "Мардук" өйдөбүлэ сакиларга  киирэн "Аар Кудук мас",- диэн өйдөммүтэ саарбахтаммат.

Айыы хотуна. Бэйэтин кэмигэр,  балачча киэҥ сирдэринэн тайаан тарҕаммыт "Айыы хотуна" (Ардвисура Анахита)  богиня удьуордара билигин, абына- табына да буоллаллар, син, эҥин омукка иҥэн сылдьаллар. Кинилэр бары, Айыы хотуна Аан Алахчын курдук, үрдүк кэрдиискэ тураллар. Санаан көрдөххө: Былыргы олоххо; номохторго кэбсэнэринэн Айыы хотуна Аан Алахчын Аар Кудук мас төҥүргэс буолбут төрдүттэн куругар диэри быган олорон сүбэлиир- амалыыр. Онон эбитэ дуу, Айыы хотуна Аан Алахчыны: "Аар мас иччитэ, Аан дойду иччитэ" диир буоллулар. Ис дьиҥэр, кини "Айыы хотуна" диэн ааттанан- суолланан айыллыбыта. Аны туран, сахаҕа "Айыы хотуна" уонна "иччи" тус-туһунан өйдөбүллэр эбээт. Иччи диэн тугуй?. Көстөр- көстүбэт эйгэни киһи олоҕун кытта алтыһыннарар, ситимниир орооннорго аарыыр, абырыыр да алдьатар да кыахтаах айыы да абааһы да икки ардынан айылгы "иччи" диэн ааттанара. Онон, Айыы хотуна Аан Алахчын “иччи” диэн ааттанара түктэри.    

Түктэри. (Авеста: друг, ложь, зло, беспорядок; противоположен к истине- аша,- диэнтэн). Айыылар биһиэхэ өһүлээбит өстөрүнэн  салайыммат буолуу түктэри (түктэри өстөөх; түктэри кэмэлдьилээх; түөрэ; түөкүн; түөкэй; түөрэккэй суолга үктэммит; түктэритин оҥорор) дэнэр. Холбуон эттэххэ: Түктэри диэн Өс утары өйдөбүлэ буолара көстө сылдьар.

Уот иччитэ. Сахаҕа иччи диэн тыл- өйдөбүл, этэргэ дылы, хас хардыы аайы баар. Биhиги ол өйдөбүллэри хозяин, дух уонна злой дух диэн бөлөхтөргө араарыаҕыҥ. Салгыы ити бөлөхтөртөн хайаларыгар эрэ сөб түбэhэр өйдөбүлү көрдүүбүт. Холобура, дух бөлөххө  Аккад мифологиятыгар ишум диэн баар эбит: "брат солнечного бога шамаша (уту), советчик и посол подземного бога Нергала. Старается смягчить ярость эрры (ыарыы). Охраняет людей, особенно больных в ночи". Ишум, көстөн туран, "дух огня " диэн суолталаах.  Сахаҕа: "Уот иччитэ эттэ” диэн өйдөбүл билигин да баар. Ити "сүбэлээччи- амалааччы” диэн өйдөбүлтэн үөскүүр. Итини таһынан былыр Уот иччитэ һаха киһитин көмүскэhээччитэ- харыстаһааччыта этэ эбээт. Онон, саха бары “иччи” өйдөбүллэриттэн  "Уот иччитэ” аан бастакы дьиҥнээх өйдөбүл эбит.  Уоннааҕы иччи өйдөбүллэр "уот иччитэ” өйдөбүлгэ маарыннатан хойутуу үөскээбиттэрэ.

Иччи. Һаха хамныыр хара, көстөр- көстүбэт эйгэ барыта тус бэйэ сылдьар ыырдаах диэн өйдөбүллээҕэ. Дьэ, ол ыырдар- эйгэлэр киһи олоҕун эйгэтин кытта алтыһыннарар, ситимниир сирдэрин  ороон (орук; орой) диэн  ааттыыллара. Уонна ол орооннорго ол эйгэлэр олохтоохторун- "иччилэри" олохтообут буолуохтаахтар. Араҥалаатахха: көстөр- көстүбэт эйгэни киһи олоҕун кытта алтыһыннарар, ситимниир орооннорго аарыыр, абырыыр да алдьатар да кыахтаах айыы да абааһы да икки ардынан айылгы "иччи" диэн ааттанар. Былыргы киһи атын эйгэ олохтооҕо быгыахтаата дии санаатаҕына уонна быгыахтаабатын туһугар аартыктарга, орооннорго бэлэх уурара буолуохтаах. Ол өйдөбүлтэн сыыйа- баайа эгэлгэ туомнар, үгэстэр үөскээтэхтэрэ.

Атурошан. “Именно в армянском языке сохранилось, однако, обозначение храма огня- атурошан (по- армянски атрушан), означающее “место горящего огня” (М. Бойс, 105 стр). Һаха “уот+ ураһа” диэн тыллара- өйдөбүллэрэ бэйэлэринэн сылдьаллар.

“Тиргэ ыйа” диэн баара дииллэр. Аатыттан араҥалаатахха, сайыҥҥы кэмҥэ сыhыаннаах. Көрүөҕүҥ: Май- (дьиҥ) муус устар ыйа. Июнь- (дьиҥ) ыам ыйа. Июль- от ыйа. Август- атырдьах ыйа. Сентябрь- балаҕан ыйа. Көрөргүт курдук "тиргэ ыйа" ханна да кыбыллар кыаҕа суох. Арай, тиргэ кэмэ диэн эрэ баар буолуон сөб. Манна, өссө, биир түгэни көрүөҕүҥ:  Ахемениидтэр саҕана Авестаҕа " Тиштрйа"  диэн ааттаах сулус божествота баара. Киниттэн ардаҕы түһэрэригэр көрдөһөн туом толорор этилэр. Бойс,79стр: "Еще  одним нововведением стало почитание бога которого называли по персидски Тири (“быстрый”) и идентифицировался с авестийским божеством Тиштрйа, и призывались для того , чтобы вызвать дождь". (Кэлин “Тирикана” диэн үөрүүгэ-көтүүгэ кубулуйбута). Дьэ, Тиштрйа (“Тиргэ ыйа” ) диэн божествоттан өбүгэбит ардаҕы көрдөһө сылдьыбыта  буолаарай?. /Тири= түргэн; Үргэл сулус; үргүүк, үргэн?/

Үөр. (Пери, пэри, паирика, в иранской мифологии- злокозненные существа женского пола,- диэнтэн удьуордаах).