The Sims 3
The Sims 3 — көмпүүтэр оонньуута, стратегия, аркада уонна олоҕу үтүктүү (симулятор) элэмиэннэрэ бааллар. The Sims Studio диэн тэрилтэ оҥорбут оонньуута. Бу оонньууга киһи дьиҥнээх орто американец олоҕун олорор курдук буолар. Оонньуур персонааһыҥ олоххо буолар быһылааннарга түбэһэр, эн салалтаҕынан ол-бу быһаарыныылары ылан олох эҥин араас мөкү да үчүгэй да өрүттэрин боруобалыан сөп.