Procter and Gamble

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
The Procter & Gamble Company
Көрүҥэ Аһаҕас
Тэриллибитэ 1837
Тэрийээччи William Procter
James Gamble
Штаб-квартира Cincinnati, Ohio, USA
Үлэлиир сирэ Worldwide
Тутаах дьоно Bob McDonald
(Chairman, President and CEO)
Индустрията Consumer goods
Оҥоһуулара Foods, beverages, cleaning agents and personal care products
See P&G brands
Барыhа US$ 83.68 billion (2012)Операционнай барыhа US$ 13.29 billion (2012)Net income US$ 10.75 billion (2012)Бүтүн активтара US$ 132.2 billion (2012)Бүтүн капитала US$ 63.43 billion (2012)[1]
Үлэhиттэрэ 126,000 (2012)[1]
Ситим-сир pg.com

«ПРОКТЕР ЭНД ГЭМБЛ» (ааҥл. Procter and Gamble, P&G) — олоххо-дьаһахха туттуллар химияны уонна эми-тому оҥорон таһаарар тэрилтэ. Салалтата Цинциннати куоракка (Огайо) баар. 1837 сыллаахха Уильям Проктер уонна Джеймс Гэмбл мыыла, чүмэчи, арыы, глицерин оҥорор дьоҕус дьиэ кэргэн фиирматын тэрийбиттэр. Аата «Проктер энд Гэмбл оф Цинциннати». 1882 сыллаахха Харли Проктер (Уильяма уола) «Айвори» диэн ууга тимирбэт мыыланы арбаан дойдуга киэҥник биллибит. 1926 сыллаахха, үчүгэй сыттаах суунар сириэстибэлэр муодаҕа киирбит кэмнэригэр хампаанньа «Камей» мыыланы таһаарбыт. 1933 сыллаахха «Проктер энд Гэмбл» таҥас сууйар Oxydol бороһуогу «Ма Перкинс» диэн ааттаах радиосериал кэмигэр арбаан «мыыла операта» диэн жаанры төрүттээччинэн буолбут. 1930-с сылларга Dreft диэн ааттаах синтетика сууйар сириэстибэни таһааран сууйар-ырастыыр технологияларга улахан уларытыыны онорбута.

Аан дойду иккис сэриитин бүтүүтүгэр Tide диэн таҥас сууйар бороһуогу таһааран 1950 сыллаахха бэйэтин үлэлиир рыынагар бастакы хампаанньа буолбут. Бу бороһуок «Тайд» диэн нууччалыы суруктаах Сэбиэскэй Сойууска эмиэ атыылана сылдьыбыта. 1961 сыллаахха «Памперс» бастакы баартыйатын таһаарбыттара. Бу подгузниктар кыра оҕону көрүүнү-харайыыны биллэрдик чэпчэппиттэрэ. 1983 сыллаахха хампаанньа дьахтар гигиенатыгар туттуллар проклаадкаларын Always диэн ааттаан таһаарбыттара.

XX үйэ бүтэһигэр аан дойду ырыынагар мыыла, таҥас сууйар бороһуок, тиис сууйар пааста, дезодорант, шампуун ырыынактарын биир күүстээх кыттааччыта буолбут. Оҥорор табаардарын 140 дойдуга 300 ааттаах брендтарынан атыылыыр. Хампаанньаҕа сир үрдүнэн 98 тыыһ киһи үлэлиир эбит. 2004 сыл түмүгүнэн хампаанньа сыаната 133,92 млрд долл, онтон барыһа 6,94 млрд доллар эбит.

Быһаарыылар

  1. 1,0 1,1 1,2 1,3 1,4 1,5 2012 Earnings Report, The Procter & Gamble Company. The Procter & Gamble Company. Дата обращения: 6 Ыам ыйын 2012.