Counter-Strike

Counter-Strike (кылгастык CS диэн; Counter-Strike сахалыы — хардары охсуу) диэн тактикалаах бастакы сирэйтэн ытыы жанрдаах видео оонньуу. 1999 c. тахсыбыт Half-Life оонньуу модификацията буолар. Мод автордара: Минь "Gooseman" Лэ уонна Дьэсс "Cliffe" Клифф. Оонньуу салҕыы серияларга кубулуйбута, олор ахсааннарыгар киирэллэр: Counter-Strike: Condition Zero, Counter-Strike: Source, Counter-Strike: Anthology уонна Counter-Strike Xbox версията. Counter-Strike ис хоhоонунан буолар террористары утарар бөлөх (counter-terrorists) уонна террористар (terrorists) хамаандаларын утарылаhыылара. Хас раунд аайы миссия сорудахтарын толорбут эбэтэр бары өстөөҕү өлөрбүт хамаанда кыайыыны ылар. Оонньуу саамай тиhэх таhаарыыта, Counter-Strike: Source, Half-Life 2 Source диэн оонньуу моторунан барар.