Үрүҥ Аар Айыы Тойон

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Үрүҥ Аар Айыы Тойонайыы үөрэҕин быһыытынан сир-дойду, дьон-сэргэ үөскээ-һинин, олоҕун-дьаһаҕын, өйүн-санаатын, киһи быһыытынан иитиллэн тахсыытын көрдөрөр.

Тэрээнньит. Тэрээнньит диэн олоҕу тэрийэр киһи. Эллэй Боотур оҥорбут. Бэс ыйыгар төрөөбүт киһи төлкөтө таҥха бастакы оронугар олорор. Кини аһаҕас, дьэллэм майгылаах, ылсыбытын чэпчэкитик толорор, хотуулаах санаалаах.

Аар Айыы Тойон

Эбэ сууругун курдук тохтоло суох устар Кэм утумнара харыыта суох хатылана тураллар. Олох үөскүү-үөдүйэ, сайда- салҕана турар. Ону барытын көрөн-истэн дьаhайааччынан уонна сири-халлааны, Орто дойду хамныыр харатын, кынаттаах көтөрун, устар балыктарын, ону таhынан үөнү- күрдьэҕэни, үөну- көйүүрү айааччы- уөскэтээччи үүт-таас олбохтоох уус-аас бэйэлээх аар тойон буолар. Кини үрүҥ Айыы Тойон, үрүҥ Аар Тойон, Айыы Хаан диэн ааттарынан биллэр.

Аар Айыы Тойон 44 айыы тус-бас дьон арыалдьыттаах.

Айыы аймаҕа ураһаҕа уматар аал уота Айыы итэҕэлин биир сүрүн олоҕо.

Ылыллыбыт сирэ

  • Саха ыалын халандаара - 2009