Эбэҥки суруга

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эбэҥки суруга — письменность эвенкийского языка. Основана на кириллической графике (Россия, официальный статус). В Китае и Монголии используется старомонгольское письмо (не имеет официального статуса) и другие системы записи.

Сурук иннинээҕи кэм

Сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар диэри эбэҥки тыла суруга-бичигэ суох этэ, ол эрээри тылын матырыйаала XVIII- XIX үйэлэргэ араас графическай тиһиктэри туһанан чинчийээччилэр хас да төгүл бэчээттээбиттэрэ. Ол курдук эбэҥки тылынан бастакы тиэкистэр 1705 сыллаахха Н. Витсен «Noord en Oost Tartarye» диэн кинигэтин иккис таһаарыытыгар бэчээттэммиттэрэ, онно «Отче наш» мэлииппэ тылбааһа латыын алпабыытынан суруллубута киирэр. Кэлин эбэҥки тыллара Страленберг, Паллас, Мессершмитт уонна да атын чинчийээччилэринэн суруллубуттара. Кинилэр суруйалларыгар латыынныы даҕаны, кириллическэй даҕаны алпабыыты туһаммыттар. 1856 сыллаахха эбэҥки тылын бастакы научнай грамматиката М. А. Кастрен суруйан бэчээттээбитэ[1].

Эбэҥки суругун-бичигин үөскээтиигэ бастакынан  Россия библиятын миссионердара холонон көрбүттэр. Бэчээттэммэтэх тылбаастарга кириллическэй алпабыыт туһаныллыбыт. Сорох таһаарыыларга эбэҥки тылынан «Тунгуус букубаара» 1858 сыллаахха суруллубутун, ону таһынан, тылдьыт уонна Евангелие от Матфея кинигэ тылбаастаммыта бигэргэнэр. Ол эрээри, дьиҥэр, бу кинигэлэр эбэҥки тылын ольскай диалегынан суруллубуттар.

Эбэҥки суругун төрүөтэ

Эбэҥкилэр суруктара Эбэҥки суруга 20 үйэ 30-с сылларыгар үөскээбит. Ол иннинэ эбэҥкилэр пиктограмманы туһана сылдьыбыттар. Ол кэннэ латыын алпабыытыгар тирэҕирэн тутта сылдьыбыттар, ол гынан баран сыыйа нуучча графиката кэлбит.

Кириллица

1937 сыллаахха ССРС атын норуоттарын курдук, эбэҥки алпабыыта кириллическэй төрүккэ көһөрүллүбүтэ. Бастаан нуучча алпабыытын 33 буукубатын уонна Нг нг  диграфын  киллэрбитэ. 1950- с сылларга бу диграф Ҥ ҥ буукубанан солбуллубута. Литературнай тыл олоҕо биир кэмҥэ полигусовскай говорга көһөрүллүбүтэ. Аныгы эбэҥки кириллическэй алпабыыта 34 буукубалаах уонна маннык көстүүлээх:

А а Б б В в Г г Д д Е е Ё ё Ж ж З з И и Й й К к
Л л М м Н н Ӈ ӈ О о П п Р р С с Т т У у Ф ф Х х
Ц ц Ч ч Ш ш Щ щ Ъ ъ Ы ы Ь ь Э э Ю ю Я я

Билигин үөрэх тиэкистэригэр эмиэ уһун аһаҕас дорҕооннору бэлиэтиир диакритическай бэлиэлэр — макро туттуллаллар, ол гынан баран, туттуллаллара булгу буолбатах. Саха эбэҥкилэрэ илин саҥаннан кэпсэтэллэр, илиҥ саҥа литэрэтиирнэй тылга олоҕурар буолан соҕуруу кэпсэтии саҥатыттан олох ураты. Иннэ гынан 1990-с сылтан саҕалаан Саха сиригэр эбэҥки литэрэтиирнэй тылыгар иккис стандарт оҥоһуллар. Алпабыыт сыһыаныгар Һһ буукубалары туттарынан ураты буолар, онтон литэрэтииринэй тылга Хх туттуллар. Ону таһынан, сороҕор, Ҥҥ буукуба оннугар Ӈ ӈ буукубаны тутталлар. “Эбэҥки олоҕо” хаһыат эрэдээксийэтэ эбэҥки тылынан баһы суруйарыгар 1937 сыллааҕы алпабыыт көрүҥүн туһаналлар эбит, уонна Ӈ ӈ оннугар Нг нг диграфы тутталлар эбит.

Кытайга

Кытайга эбэҥки суруга хылыыбын арааһа суох. Эбэҥкилии тиэкиһи суруйарга араас сурук тиһигин тутталлар: латыын алпабыытын, былыргы монгуол суругун, ону таһынан, кытай иерогливынан суругун. Латинизированнай сурук хас да вариациянан туһаныллар. Холобур, эбэҥкилии-кытай тыл «Ewengki nihang bilehu biteg» диэн 1998 сыллаахха тахсыбыт тылдьытыгар маннык сурулла сылдьар: A a, B b, C c, D d, E e, Ē ē, F f, G g, Ḡ ḡ, H h, I i, J j, K k, L l, M m, N n, Ng ng, Ɵ ō, O o, P p, Q q, R r, S s, T t, U u, V v, W w, X x, Y y, Z z.

Эбэҥки тылын атын учуобунньугар Өө буукуба эбиилээх латыын алпабыытынан суруллар.

Түмүккэ академик В.П.Казначеев этэринэн, аҕыйах ахсааннаах норуот улахан историческэй мозаика  уонна бүттүүн норуот сайдыытын элеменнэрэ буолаллар.


Быһаарыылар

  1. Я. П. Алькор (Кошкин) Проект алфавита эвенкийского (тунгусского) языка. — Л.: Изд-во АН СССР, 1930. — 14 с. — 650 экз.