Ыҥыыр

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыҥыыраты мииннэн олорорго аналлаах тэрил. Бу тэрил уонна иҥэһэ үөскээһиннэрэ киһи-аймах устуоруйатыгар улахан хамсааһыны оҥорбуттара. Аттаах, ыҥыырдаах-иҥэһэлээх омуктар атын омуктары баһыйар кыахтаммыттара.

Ыҥыыр тэрилэ

Кычым — аты харыстаан бэрэмэдэйи уурарга анаан ууруллар халыҥ имитиллибит тирии, сукунаннан, оҕуруонан уонна тимиринэн (көмүһүнэн, алтанынан) киэргэтиллиэн сөп;
Иҥэһэ — киһи атаҕынан үктэнэр тимирэ, акка ыттарга, айан кэмигэр атах сылайбатыгар уонна түргэнник айаннаатахха эбэтэр айаннан иһин тугу эрэ гынарга (холобур саанан ытарга, батаһынан туттарга) тирэнэргэ аналлаах;
Бото — ыҥыыр анныгар угуллар халыҥ таҥас, мөһөөччүк курдук тигэн баран иһигэр сиэл (билигин сороҕор баата) уган биэрэллэр — саха ыҥыыра кылгас, онон аты бааһырдыбатын диэн ботото халыҥ буолуон наада.
Хоҥсуоччу — ыҥыыр сирэйигэр олорор тордуок — ат көнтөһүн, тэһиинин баайар алтан тимир. Ат төбөтүн майгыннатан оҥороллор.
Сирэй — ыҥыыр иннэ, хатыҥ мастан эбэтэр удьурҕайтан оҥороллор, алтан, тимир, көмүс ылтаһынынан бөҕөргөтүллэр, киэргэтиллэр.
Ыҥыыр бэйэтэ
Лэпсэ — ыҥыырга ууруллар сыттык таҥас эбэтэр тирии;
Төргүү — ыҥыыр кэннигэр ону-маны (булду, утуйар таҥаһы иҥин) баайар быалар, ыҥыыр икки өттүгэр иккилии буолаллар;
Чаппараах — ат самыытыгар ууруллар аты кумаартан көмүскүүр таҥас, киэргэл;
Холун — ыҥыыры туттарар кур, холун тыла — кур тыла. Ыҥыыр үс сиринэн курданар.
Дьирим — ыҥыырга холуну ыга тардар хаптаҕай кур курдук оҥоһуулаах тирии быа.


ЫҥыырИҥэһэБотоЛэпсэЧаппараахБэрэмэдэйҮүнБойбуурКөнтөсДэйбиир???Ыҥыыр илин сирэйэЫҥыыр илин сирэйэЫҥыыр хоҥсуоччутаЫҥыыр кэлин сирэйэТөргүүХолунХолун тылаЫныыр-тэрилэ.jpg
Ойуу туһунан


Өссө аты миинэргэ маннык тэриллэр туттуллаллар:

  • Бэрэмэдэй (сыма) — акка ындыыланар хааһах, тирииттэн тигиллэр;
  • Үүн — аты салайарга аналлаах ат төбөтүгэр кэтэрдиллэр тимирдээх курдар;
  • Бойбуур
  • Үүн тимирэ — ат айаҕар сылдьар тимир;
  • Тэһиин — үүҥҥэ баайыллар киһи тутуһар уонна аты салайар быата;
  • Бас быата (сулар) — аты тутар быа, бөҕө буолуохтаах;
  • Оҕуруо — сулары ат устан кэбиспэтин хааччыйар тирии эбэтэр таҥас быа;
  • Сулар хоҥуруута — ат муннун үөһээ өттүнэн сылдьар кур быа;
  • Көнтөс — аты сэргэҕэ, маска баайар быа;
  • Дэйбиир — кумаары-бырдаҕы бэйэттэн уонна аттан үүрэргэ аналлаах кутурук кылыттан оҥоһуллубут тэрил.
  • Бүргэ - ыҥыыр сирэйин уонна кэлин өттүн маһа
  • Хаҥха - таһаҕас ындыылырга аналлаах мас ыҥыыр


it:Finimenti#Selle