Ыча

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Киһи олоххо ылар миэстэтин быһаарыыга сахалар ыча диэн быһаарыыны тутталлар. “Ычата кыра” диэн эттэхтэринэ, бу киһи өйө-санаата бу таһымыттан кыайан өрө, тупсуу диэки сайдар кыаҕа суоҕун, кыранан дуоһуйарын быһаараллар.

Өй-санаа сайдыыны, үүнүүнү ситиһэр кыаҕа ыча диэн ааттанар. Киһи тугу эмэ оҥорор төрүт кыаҕа, күүһэ ыча диэн буолар.

Ычата кыра диэн кыаҕа-күүһэ, тулуура тиийбэккэ туох эмэ суолталааҕы, улахан туһалааҕы оҥорууга мүччү, сыыһа-халты туттунан, буортулаан, туһата суохха кубулутар киһи аата. Кыра ычалаах диэн улахан булка, тайахха хаама сылдьан чугас олорон биэрбит бочугураһы ыта охсон кэбиһэн, ойуур кэннигэр тохтообут тайахтары үргүтэр киһини ааттыыбыт. Улахан булка, тайахтыы сылдьан, бу киэһэ сиирин эрэ туһунан быстах санааҕа баһыттаран бочугураһы ытар киһи кыра ычалаах диэн ааттанара сөп. Саа тыаһа ойуурга бэрт ыраахха диэри дуораһыйарынан улахан булт барыта халбарыйан, баран биэрэригэр тириэрдиэн сөбүн аһыан баҕарбыт киһи умна охсон кэбиһэрэ ычатыттан тутулуктаах.

Киһи тулуурдаах, төһө эрэйиллэринэн кэтэһэр кыахтанара ордук. Туох туһалаах дьыала барыта аптаах остуоруйаҕа кэпсэнэр курдук, түргэнник оҥоруллан испэт, оҕо баҕа санаатын курдук аҕыйах хонукка улаата, этэ-сиинэ ситэ охсубат, ол иһин киһи тулуйар, кэтэһэр күүстэннэҕинэ, олоҕор ситиһиилэри оҥорор кыахтанарын ыча быһаарар оруола улахан.

Туох эмэ улахан дьыалаҕа кыттыһа сылдьан ыксыыр, тиэтэйэр киһини “Ыт ыксаан-ыксаан икки хараҕа суох оҕону төрөтөр” диэн этэн тулуурун, кэтэһэр күүһүн улаатыннара сатыыллар. Хараҕа суох ыт туохха да туһата суоҕун курдук, тиэтэйэн, ыксаан сылдьан оҥоруллубут дьыала табыллыбакка, сатаммакка уонна сыыһа-халты буолан эрэйдиирэ элбиир.

Ыча диэн киһи өйүн-санаатын туругун, тулуурун, төһөнү иҥэринэр дьоҕурун биллэрэр уонна быһаарар аналлаах мээрэй буолар.

Ычата кыра киһи ымсыырар, тиэтэйэр санаата улаханыттан, “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этиини тутуспатыттан элбэх сыыһа-халты туттунуулары оҥорор кыахтаах. Төһө эмэ ырыынак сыһыаннаһыылара үөскээн туох барыта атыыланар буолан эрэр кэмэ кэлэн истэҕинэ, сир сыаната үрдүүрэ дьэ чугаһаан эрдэҕинэ, харчыга улаханнык наадыйбат да эрээри, даачаларын атыылыыр дьон бааллар этэ. Билигин кэлэн куорат иһигэр учаастак сирэ балтараа мөлүйүөҥҥэ тиийбитин кэннэ кэмсиммит иһин хайыаҥ баарай. Барбыт аны төннүбэт буоллаҕа.

Кыра ычалаах киһи атыы-эргиэн дьыалатыгар халты оҕустарара ордук дөбөҥ буолуон сөп. Ханнык баҕарар табаар бэйэтин туһааннаах кэмигэр эрэ атыыга барарын дьарыктанар киһи таба сыаналаан, кэтэһэн туһаҕа таһааран барыстаныа этэ.

Эти-сиини кыра ыарыылары тулуйарга үөрэтии, эрчийии киһи тулуура улаатан, өйө-санаата өссө үрдүк таһымы ситиһэригэр, ычата кэҥииригэр кыах биэрэр. Биирдэ тото аһаат даҕаны, барыта үчүгэй диэтэххэ, кыра ычалаах киһи буолан хаалыахха сөп.

Эдэр киһи ычата кыратыттан, билбэтигэр тэптэрэн биирдэ эмэтэ сыыһа туттан, элбэҕи иһэн, итирэн хаалара баар суол. Арыгыны элбэхтик иһэн куруук итирэр киһи ычата кырата, тулуура суоҕа биллэн хаалыан сөп. Кыра ычалаах киһи кыра арыгыттан итирэр, өйө көтөр.

Кыра ычалаах киһи көрдөбүлэ кыра, бэйэтигэр эрэ сөп буолар. Итини тэҥэ бэйэтин кыаҕынан толоруллубат баҕа санаата аһара элбэх уонна биири эмэ оҥороругар тулуура тиийбэтиттэн сыыһа туттунан буортулуур киһи кыра ычалаах диэн ааттаныан сөп.

Байыыны кыра ычалаах киһи ситиһэр кыаҕа кыра диэххэ сөп. Кэтэһэр, күүтэр санаата тиийбэккэ хааларынан ситиһиини, байыыны оҥороро аҕыйыан сөп. Өр кэмҥэ күүскэ үлэлээтэххэ, бардахха-кэллэххэ, хамсаатахха байыы ситиһиллэрин кыра ычалаах, тугу булбутун ыскайдаан иһэр киһи кыайбата кырдьык.

“Ычата тардар” диэн этии ыча өбүгэлэртэн бэриллэн иһэрин биллэрэр уонна киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан, биир киһи үйэтигэр уларыйар кыаҕа кыратын быһаарар.

Ыча туһунан суруйааччылар маннык суруйаллар. “Ычата кырата бэрт, ханна ыраатыаҕай?” – диэн сэнэбиллээх этиини биирдэ эмит истибитиҥ буолуо. Ол аата ыыра кыараҕас, балаҕаныттан ырааппатах, түҥкэтэх киһи диэн. Ыча – киһи олоҕун устата иҥэриммит итэҕэлин, көһүтүүтүн, билиитин, санаатын, сыһыанын, адьынатын, үөрүйэҕин, толкуйдуур халыыбын бүттүүнүн хабар өйдөбүл. (1,31).

Биһиги быһаарыыбытынан киһи төрүттэриттэн, өбүгэлэриттэн бэриллэн иһэр буор кутун уратыта ыча диэн ааттанар. Киһи үөрэҕи ылыныытыттан саҥа үгэстэри, үөрүйэхтэри үөскэтинэриттэн ычата кэҥээн иһэр. Ыча кэҥээһинэ кэлэр көлүөнэлэр үөрэҕи, сайдыыны ситиһиилэрэ элбээһиниттэн үөскээбитэ биллэр.

Ыча кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллэн иһэр. “Хос эһэтэ хамначчыт этэ” диэтэхтэринэ, ханнык эрэ хамначчыт өйө киирэн кэлэриттэн саҥаны ылынарын хааччахтыан сөп. Төрүттэрэ дьадаҥы дьон салайар үлэҕэ таҕыстахтарына элбэх харчыны таба салайан туһаналлара уустуга, кыаллыбата ычалара кыратыттан, төрүттэрэ дьадаҥыларыттан быһаччы тутулуктаах. Ол иһин Россияҕа коррупцияҕа ылларыы аһара элбэх.

Кыра ычалаах киһи салайааччы буоллаҕына эбэтэр байан хааллаҕына бэйэтин улаханнык, үрдүктүк сананара аһара түргэнник улаатан хааларыттан атыттары аннынан саныыра улаатыан сөп.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоххо туһаныыга ыча көмөтө улахан. Тиэтэйбит, ыксаабыт санааҕа куһаҕаны “үчүгэй” диэн кэбиһии ыча кыратын биллэрэр.

Субу күннээҕинэн эрэ олоруу ыча кыратыттан улахан тутулуктаах. Дьон үксүлэрэ күннээҕи үлэҕэ-хамнаска үтүрүттэрэн, ырааҕы, кэлэри, олохторугар буолар уларыйыылары санааларыгар да оҕустаран көрбөттөр, кэлэр көлүөнэлэрин аһатар уонна таҥыннарар туһугар үлэлии сатыыллар, онтон өйдөрө-санаалара сайдарыгар, тулуурдара улаатарыгар кыһамматтар.

Аптаах остуоруйалар оҕоҕо баҕа санаа үөскүүрүгэр көмөлөрө улахан. Арай аһара барбакка, оҕо, киһи ситиһэр кыаҕын иһинэн кэпсииллэрэ баҕа санаа туолуутугар тириэрдэн киһи дьолу билэрин үөскэтэрин умнубатахха табыллар. Баҕа санаа үгэс буолан үөрүйэххэ кубулуйдаҕына ычаны кэҥэтэр, киһи саҥаны оҥорор майгынын улаатыннарарын туһаныы эрэйиллэр.

Ыча диэн өй-санаа туругун, билиини-көрүүнү иҥэринэр кыаҕын быһаарыыга туттуллар аналлаах мээрэй буолар. Ыча кыра уонна киэҥ диэн мээрэйдэр икки ардыларынан уларыйарынан киһи өйүн-санаатын туругун толору быһаарар аналлаах. (2,74).

Туһаныллыбыт литература.

1. Умсуура. Соргу: дьолу, тапталы, ама буолууну, баайы-дуолу тардар дьикти ньымалар. – Дьокуускай: ОАО “Медиа-холдинг “Якутия”, 2013. – 148 с.

2.Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Өй-санаа уратылара. - Дьокуускай: РГ "MEDIA+", 2020. - 116 с.