Ыалы тэрийии
Саҥа ыалы тэрийиигэ былыргы кэмнэргэ төрөппүттэр ылар оруоллара олус улахан этэ. Кинилэр оҕолоро ыал буоларыгар эрдэттэн кыһананнар аймахтара, омук ахсаана элбиирин, эттэрэ-сииннэрэ тупсарын уонна буор куттара сайдарын ситиһэр этилэр.
Былыргы кэмнэргэ олоххо улаханнык уопутурбут төрөппүттэр кэскиллээх быһаарыылара ыалы тэрийиигэ хайаан да ирдэнэрэ, төрүччү үөрэҕин туһанан саҥа аймах буола сатааччылар төрүттэрин ыраахха диэри үөрэтэллэрэ, эттэрэ-сииннэрэ уонна буор куттара төһө сайдыылааҕын ырытан баран быһаарыыны ылыналлара.
Билигин төрөппүттэр ыалы тэрийиигэ быһаарар оруолу ылалларын сэбиэскэй былаас суох оҥорбутун оннугар, былыргытыгар төнүннэрии ирдэнэр кэмэ кэллэ. Ыал буолуу былыргы үгэстэрин туһаныы эрэ дьон эттэрин-сииннэрин уонна буор куттарын тупсарарын, аймахтары, омугу сайыннарарын билэн олоххо туһаныы ирдэнэр буолла.
Сайдыылаах буор кута суох, араас ыарыылардаах кэлэр көлүөнэлээх буолуохтарын ханнык да төрөппүт баҕарбат. Саастарын сиппит эдэрдэр эттэрин-сииннэрин быстах санаатыгар оҕустаран сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэллэрэ хаһан баҕарар баар. Эдэрдэр улаатан иһэн быстах быһыыга түбэһиэхтэрин сөбүттэн, олоххо уопутурбут төрөппүттэр оҕолорун харыстыыр кыахтарын туһанан көрсүө, сэмэй буолууга иитэллэрэ аан бастаан эрэйиллэр.
Ыалы тэрийиигэ аймахтаһан хаалыыны үөскэппэт буолууну төрөппүттэр эрэ хааччыйар кыахтаахтар. Чугас аймахтар оҕолоро ыарыһах буолан хаалара элбэҕин былыргы кэмнэргэ үөрэтэн билэннэр аймахтаһыы сокуона диэни үөскэтэн ыал буолууну тэрийиигэ туһаналлар. Сахалар чугас, биир хаан аймахтарын тоҕус көлүөнэҕэ диэри билэллэрэ, билсиһэ сылдьаллара, бу сокуону тутуһууга көмө буолар аналлаах.
Төрөппүттэр төрүччү үөрэҕин тутуһалларыттан ыраах, чугас хаан аймахтарын арааран билэллэриттэн, оҕолоро атыны талан ыларыгар улахан көмөнү оҥороллоро эрэйиллэр.
Ыал диэн кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэргэ аналлаах кыыс уонна эр киһи икки ардыларыгар сөбүлэһиини түһэрсии буолар. Сөбүлэһии диэн үчүгэй уонна куһаҕан диэн быһаарыылар икки ардыларыгар үөскүүр тэҥнэһиини үөскэтэр үһүс өрүт ааттанар. Ол аата ыал буолуу үчүгэй да, куһаҕан да буолбакка, тэҥнэһиини тутуһан сөп түбэһиини үөскэттэҕинэ табыллар, уһун үйэлэнэр кыахтанар.
Ыалы тэрийии диэн уустук, аймахтары, омугу сайыннарар аналлаах дьыаланы быһаарыыга сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи тутуһан икки өрүттээх быһыылары хайаан да оҥороллор:
1. Уол уонна кыыс бэйэ-бэйэлэрин сөбүлэһиилэрэ.
2. Кыыс энньэтэ уонна уол халыыма сөп түбэһиилэрэ, тэҥнэһиилэрэ эрэйиллэр.
Ыалы тэрийиигэ эрдэттэн бэлэмнэнэр бу элбэх үлэлэри төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:
1. Кыыс оҕо улаатан иһэн эргэ барарын билэрэ төрөппүттэрэ энньэтин бэлэмнииллэриттэн биллэн өйүгэр-санаатыгар эрдэттэн олохсуйар. Чугас олохтоох уоллаах кыыс араас урууларга, ыһыахтарга, муҥхаларга сылдьан билсиһэллэрэ, сөбүлүү көрсөллөрө биллэр. Онно эбэн төрөппүттэр оҕолоро ыал буолар сааһын ситтэҕинэ бары билэр аҥардарын көрсүһүннэрэ, билсиһиннэрэ сатыыллар.
Уолаттар өттүлэриттэн ыраах сирдэргэ анаан-минээн тиийэн көрүү, билсиһии оҥоруллара улахан туһалаах. Эргэ тахсар кыыс баара уонна энньэтэ төһө буолара эрдэттэн быһаарыллан дьон билиитигэр тахсарыттан эр дьон төһө халыымы уйунар кыахтарын суоттанан суорумньулары ыытан кыыстаах ыалга тиийэн билсиһиилэри саҕалыыллара.
Билигин дьахталлар элбэхтик туттар биирдэ көрөөт сөбүлээбитим диэн этиилэрин, оччолорго куруук кэриэтэ туһаналлара. Хантан эрэ кэлбит, күтүөттүөн баҕарбыт уолу көрдөрөөт даҕаны, сөбүлүүрүн дуу, суоҕун дуу кыыстан ыйыппытынан бараллара биллэр. Бу ыйыталаһыыга төрөппүттэр күтүөтү кытта кэпсэтэн, билсиһэн сөбүлээбиттэрэ эрдэттэн билиннэҕинэ, ыалы тэрийиини кыыс баҕа санаата быһаарар кэмэ кэлэрэ.
Кыыс оҕо күтүөтү сөбүлүүрүн биллэрдэҕинэ ыалы тэрийии үлэтэ салҕанан барара, энньэ уонна халыым төһөтө быһаарыллара, уруу хаһан буоларын кэпсэтэллэрэ.
Кыыс сөбүлээбэтэҕинэ кэпсэтии тохтууругар тиийэрэ. Арай күтүөтү төрөппүттэр сөбүлээтэхтэринэ тылларын ылыннара сатыыллара үөскээн тахсыан сөп.
2. Билигин ырыынак олоҕун кэмигэр харчы сыаната улаатан, туох барыта харчынан кэмнэнэр кыахтанна. Кыыс оҕо ыалы тэрийиигэ кылаата, энньэтин бэлэмнээһинэ улаатан истэҕинэ саҕаланар. Кыыстаах төрөппүттэр ыал маҥнайгы баайын-малын, энньэтин эрдэттэн бэлэмнииллэр, бу үлэ барыта аныгы үйэҕэ харчынан сыаналаннаҕына табыллар.
Кыыс оҕо эргэ тахсар аналлаах. Кыыс оҕолоох ыаллар кыыстара сааһа туоллар эрэ эргэ барыахтааҕын билэллэриттэн энньэтин, араас таҥаһын, малын-салын эрдэттэн бэлэмнии сылдьаллара. Ыаллар төһө баайдаахтарыттан тутулуктанан кыыс энньэтэ араас буолара.
Энньэ диэн ыаллар кыыстара эргэ тахсарыгар, саҥа ыалы тэрийэригэр анаан араас баайы-малы, иһитин-хомуоһун тэрийэн, өлүүлээн биэриилэрэ ааттанарыттан саҥа ыалы тэрийиигэ кыыс энньэтин кээмэйэ улахан суолтаны ылар. Ыал төһө баайдааҕыттан тутулуктанан араас кээмэйдээх буолуон сөп.
Ыалы тэрийиигэ уол кыттыһааччы буолар, бэлэм энньэлээх кыыска кэлэн халыымын холбуур. Ол иһин бэйэтин өлүүтүн, халыымын эбии киллэрэн ыал баайын-малын элбэтэрэ уонна баайга-малга кыттыһан өйдөрө-санаалара тэҥнэһиитин олохтуура ирдэнэр көрдөбүл буолар.
Уол ойох ыларыгар кыыс энньэтин саҕа кээмэйдээх халыым диэн ааттанар төлөбүрү төлүүр кыахтаннаҕына табыллар. Халыым диэн уол ситэн, үлэлээн-хамсаан, туһалааҕы оҥорон ыалы тэрийиигэ киллэрэр бэйэтин кылаата буолар. Саҥа ыалы тэрийиигэ көрдөнөр энньэ уонна халыым ыал төрүт баайа-мала буолан саҥа ыаллар олохторун тэринэллэригэр улаханнык туһалыыр аналлаахтар. (1,33).
Киһиэхэ айылҕа биэрбит аналынан ыал буолан оҕо төрөтүү буолар. Сахалар үөрэхтэринэн, бу аналын толорор туһугар оҕо киһи буолууну ситистэҕинэ, этэ-сиинэ ситтэҕинэ уонна өйө-санаата сайыннаҕына, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран туһанан оҥорор быһыылара киһи быһыытыгар сөп түбэстэхтэринэ табыллар.
Киһи буолууну ситиһии диэн ыал буолуу кэнниттэн кэлэр өй-санаа уларыйыыта буолар. Ыал буола илик киһи аҥардас киһи диэн ааттанар уонна өйө-санаата арыыйда ситэ, оҕотун өйө-санаата өссө да хаала илигэ быһаарыллар. Киһи бу ыал буолар аналын толорорун туһугар сахалар былыр-былыргыттан кыһаналларын кэлэр көлүөнэлэр диэн холбуу этии баара биллэрэр.
Былыргы сахалар үөрэхтэринэн ыал, кэргэн буолууга баай-мал ылар оруола хайаан да аахсыллара табыллар. Кыыс энньэтэ уонна уол биэрэр халыыма тэҥ сыһа сыаналаныылара кытаанахтык ирдэнэр көрдөбүл буолар. Уол кэргэн буолар кыыс энньэтигэр тэҥнээх халыымы төлөөбөтөҕүнэ ыал буолуу тохтотуллуон да сөп. Баай-мал тэҥ буолуута “Тэҥнээҕин булунуу” диэн этиинэн бигэргэтиллэр уонна төрүүр оҕо өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар улахан туһалаах оруоллааҕа быһаарыллар.
Ыал буолуу үгэстэригэр “Тэҥнээҕи булунуу” диэн үөрэҕи сахалар туһаналлар. Дьон бэйэ-бэйэлэригэр тэҥэ суохтара баай-мал төһө элбэҕиттэн улахан тутулуктаах. Элбэх баайдаахтар өйдөрө-санаалара уларыйан, бэйэмсэхтэрэ, улахамсыктара улаатан үлэһиттэри, дьадаҥылары кытта бэйэлэрин тэҥнээбэттэр.
Тэҥнээҕи булунуу диэн үөрэх дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын олохтуурунан уонна оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ киллэрэр уратыларынан сыаналанар. Биир төрөппүтэ этэрин атына хатылаан чиҥэттэҕинэ, оҕо ону баар чахчынан ылынан толорор, өйүгэр-санаатыгар иҥэринэр кыахтанар.
Тус-туспа өйдөөх-санаалаах төрөппүттэр оҕолорун атын атыннык этэн иитэ, үөрэтэ сатыылларыттан хайалара да этэрин ылыммат буолар, иҥэринэр кыаҕа аҕыйыыр. Биир төрөппүт кэмпиэти сиирин боппутун кэннэ, атына көҥүллээн кэбистэҕинэ, оҕо төрөппүттэрин тус-туспа араарара үөскээн, хайалара да этэрин истибэт кэмэ кэлиэн сөп.
Кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрө-санаалара туруктаах буола улааталларын туһугар төрөппүттэр эрдэттэн кыһанан бэйэлэригэр тэҥнээхтэрин булуна сатыылларын сахалар үөрэхтэрэ ирдиир.
Уол уонна кыыс диэн дьон икки өрүттэрэ, ыал буола иликтэринэ итинник ааттаналлар. Ыал буолуу эккэ-сииҥҥэ киллэрэр уратылара саха тылыгар иҥмиттэр. Уол дьахтары биллэҕинэ эр киһи буолар. Кыыс эр киһилиин сылдьыстаҕына дьахтар буола уларыйар.
Бука бары омукпут өссө уһун үйэлээх буолуон, сайдыыны ситиһиэн баҕарабыт. Бу баҕа санаабыт туоларын туһугар ыал буолуу былыргы үгэстэрин аныгы сокуоҥҥа киллэрэн олоххо туһанарбыт эрэйиллэр.
Ыал аймахтар ахсааннарын элбэтэн омук сайдыытын үөскэтэр. Төрүт уус ыалга төрөөн, иитиллэн, үлэлии үөрэммит оҕо аан бастаан аймахтарын сайыннарар, элбэтэр, онтон үлэни кыайа-хото үлэлээн, бэйэтин кылаатын киллэрэн омук сайдыытыгар көмөлөһөр. Үлэни сатабыллаахтык үлэлээн атыттар үтүктэллэрин, батыһалларын үөскэттэҕинэ омук дьонун ахсааннара эбиллэригэр тириэрдэр.
Саха дьоно оҕолору кэлэр көлүөнэлэринэн ааттаан кыһанан көрөллөр-истэллэр, кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэллэр. Оҕо өйө-санаата сайдыытын, кэмэ кэллэҕинэ уларыйыытын Кут-сүр үөрэҕэ быһаарарын олоххо туһаналлар.
Өй-санаа туһалаах үөрэхтэрэ омугу уһун үйэлииллэр. Саха омуга уһун үйэни ситиһэн иһэрэ Кут-сүр уонна таҥара үөрэхтэрин тутуһа сылдьарынан быһаарыллар. (2,48).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.
2. Каженкин Иван Иванович. Ыал буолуу үгэстэрэ / Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |