Шубин Константин Николаевич - Полярнай

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Константин Николаевич Шубин 1932 сыллаахха сэтинньи 1-кы кунугэр Анаабыр оройуонугар сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбутэ. Омугунан долган. Кини оҕо эрдэҕиттэн бултуу, балыктыы үөрэммитэ, ыстаадаҕа сылдьыбыта. 1947 сыллаахха Сааскылаах сэттэ кылаастаах оскуолатын бутэрэн баран, хас да сыл оччотооҕу “Табаһыт кыһата» диэн холкуоска таба ыстаадатаыгар бостууктаабыта. 1950-1953 сылларга Дьокуускайдааҕы сэбиэскэй- партийнай оскуолаҕа үөрэммитэ. Онтон 1958 сылга диэри Анаабырга «Ленинизм знамята» диэн оройуон хаьыатын эппиэттээх сэкирэтээринэн, ССКП райкомун инструкторынан улэлээбитэ. 1955 сылтан ити хаһыакка бастакы хоһооннорун Константин Полярнай диэн псевдонимынан бэчээттэппитэ. 1958-1963 сылларга Нарьян-Мар куоракка уорэнэн, зоотехник идэтин ылан, дойдутугар кэлэн «Анаабыр» сопхуоска Сааскылаах отделениетыгар управляющайдаабыта. 1970 сыллаахха Дьокуускайдааҕы госуниверситет тыа хаьаайыстыбатын факультетын ветеринарнай отделениетын ситиһиилээхтик уорэнэн бутэрбитэ. Университекка уөрэнэр кэмигэр хоһооннорун нууччалыы суруйар буола сылдьыбыт. Онно киниэхэ субэһит, сэҥээрээччи, консультант буолбут доцент Николай Федорович Щекаловка хойукка диэри махтана саныыр эбит. Уөрэҕин бутэрэн баран «Анаабыр» сопхуоска кэлэн, ветеринарнай бырааһынан улэлээн эрдэ5инэ, 1972 сыллаахха оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан – Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыгынан анаабыттар. Манна 1977 сылга диэри улэлээн баран, «Булуҥ» сопхуоска кылаабынай ветеринарнай бырааһынан 1982 сылга диэри ситиһиилээхтик улэлиир. Ол кэнниттэн «Приморскай» сопхуос дириэктэринэн ананар. Үлэлиир кэмигэр табаһыттар, булчуттар уонна балыксыттар олохторун-дьаһахтарын, өйдөрун-санааларын, туох кыһалҕалаахтарын ис дьинин билэр-көрөр, олохторун чэпчэтэр-тупсарар туһугар кыһаллар, туруорсар уонна ону ситиһэр. Ол иһин буолуо, кини үгүс аймньылара хотугу сир олохтоох үлэһит дьонугар, киһини угуйар-умсугутар айылҕатыгар ананар. Билэр дьонугар, таптыыр кэргэнигэр, оҕолоругар киһилии эйэҕэс сыһыанын көрдөрөр хоһооннор ааҕааччы уйулҕатын таарыйаллар. Кэлиҥҥи уларыта тутуу, ырыынак ыар тыына таба иитэн, бултаан-алтаан уонна балыктаан, онон аһаан- маҥнан, иитиллэн олорооччу Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын дьылҕаларыгар тосту уларыйыыны киллэрээри турарын өйдөөн, элбэх, субу тута быһаарыллыбат сытыы боппуруостары туруорар, инникини сылыктаан көрө-таайа сатыыр. 1984 сыллаахха Күһүүргэ олорор дьиэлэрэ уокка былдьанан, эдэр сылдьан суруйбут хоһоонноруттан, аҕата сурукка киллэрбит бэлиэтээһиннэриттэн илии соттон хаалбыта. Кэлиҥҥи хоһооннорун, торут хаана тарда, Константин Дулгаан диэн аатынан суруйар буолбута. Кини хоһоон айарын таһынан, элбэх хомоҕой уус тыллаах-өстөөх, дириҥ ис хоһоонноох ахтыылары суруйан хаалларбыта. Ол ахтыылара уонна былыргы олохтон номохторо, оҕолоругар суруктара кэлин да ааҕааччы дьүүлүгэр тахсыахтара. Шубин К.Н. аймньыларыттан сороҕо «Ырыанан айанныыбын», «Өбугэлэр суолларынан» уонна «Кэрчиктэр» диэн кинигэлэргэ тиһиллэн, Анаабыр уонна Булуҥ улуустарын оройуоннааҕы хаһыаттарын күүһүнэн, уруулар-аймахтар үбүлээһиннэринэн аҕыйах ахсаанынан бэчээккэ тахсыбыта.