Шрёдингер куоската

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Гейгер счетчикаах куоска, уонна кыракый дьааттаах дьааһык. Квантовай механика этэринэн куоска биир кэмҥэ өлбүт уонна тыыннаах. Кини өлбүтүн арыйдахха биирдэ эрэ биллэр.

Шрёдингер өй эксперимена. 1935 сыллахха квантовай механика суолунан толкуйдаатахха абсурднай ситуацияларга тиийиэххэ сөп диэн кэпсиэн баҕарбыта: ол курдук бу холобурга ханнык эрэ биир кэмҥэ куоска өлбүт уонна тыыннаах буолар

Өй эксперимена маннык ааһар: куосканы ылан баран ханнык эрэ хоско хаайаллар. Гейгер счетчигын уонна ханнык эмит радиоактивнай элемены уураллар. Хас эмит бириэмэ кэнниттэн, холобура, биир чааһнан, биир аатом радиация материала баҕар распаадтыан сөп (или суох — материал стабильнай буолбатах) Гэйгер счетчига ону суоттуон сөп, уонна распаадттаннаҕына ханнык эмит дьатты ыһар — оччоҕуна куоска өлөр.

Боппуруос: биир чаас ааспытын кэннэ куоска тыыннаах дуу, өлбүт дуу?

Шрёдингер этэринэн аан сабыллыбыт буоллаҕына куоска тыыннаах эбэтэр өлбүт. Аан арыллыан иннинэ этэр кыах суох.

Проблемата ааны арыйдахха эксперимеҥҥа дьайыыны оҥороҕун. Киһи уонна эксперимент хайдах дьайалларын быһаарыахха наада. Ииньэ гынан киһи көрдөҕүнэ, ити эксперимеҥҥа дьайыыны оҥорор. Копенгаген быһаарытыгар ааны арыйыах иннинэ куоска биир бириэмэҕэ өлбүт уонна тыыннаах буолар.

Куоска ситуацията квантовай материя туһунан макро таһымҥа толкуйдуур сыыһа диэн Шрёдингер быһаарбыта.