Шота Руставели
Шота Руставели (1172–поэт, Грузия литературатын классига, судаарыстыбаннай диэйэтэл.
Ордук биллэр үлэтэ — Баабыр таҥастаах бухатыыр (Сэмэн Руфов тылбааһыгар «Тиигир таҥастаах бухатыыр»), Грузия национальнай поэмата.
Олоҕо
Олоҕун туһунан сибидиэнньэлэр аҕыйахтар. «Руставели» диэн хос ааты төрөөбүт сириттэн ылбыт - Рустави. Ол саҕана Рустави диэн ааттаах сир хас даҕаны эбитмайораатын бас билэрэ.
Поэматыгар киириигэ айымньы Тамаара сарыыссаны хайҕаан айыллыбытын туһунан суруллар. Поэма тиһэх устуруокаларыгар ааптар бэйэтин месх дэнэр Тамаара сарыысса хааһынатын харайааччы буолбут (1190 сыллааҕы аактаҕа илии батаааһына баар). Ол саҕана Грузия күүстээх дойду этэ, эдэр сарыысса поэзияны көҕүлүүрэ.
Үлэлэрэ
«Баабыр таҥастаах бухатыыр» поэма араас тылларга тылбаастаммыта. Бастаан 1712 сыллаахха Тбилиси куоракка бэчээттэммитэ.
Быһаарыылар
Бу суруйааччыга сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |