Шеломов Михаил Степанович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Шеломов Михаил Степанович — Солуомап кулуба (1864 (эбэтэр 1876), Боотуруускай улууһа, Алаҕар нэһилиэгэ—1930, Соловки лааҕыра, Архангельскай уобалас).

1864 сыллаахха Алаҕар нэһилиэгин ыстаарыстата (кинээһэ) Степан Иванович Шеломов дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.

Бастаан аҕатыгар суруксутунан, онтон туора урдустарын (инородецтарын) сийиэһигэр кыттыыны ылбыта, "Романовтар династияларын 300 сыла" юбилейнай мэтээлинэн наҕараадаламмыта.

Оччотооҕу саха тойотторуттан төрүт туспа санаалах киһи этэ. Наар нууччаҕа сыһыаннааҕы сөбүлүүрэ уонна өрө тутара. Нуучча ыраахтааҕытыгар бэриниилээҕин көрдөрө сатыыр үгэстээх эбит. 1905 сыллааҕы быһылааннар кэннилэриттэн "Союз истинно русских якутов" диэн тэрилтэни тэрийэ сылдьыбыта. 1906 сыллаахха тэриллибит "Сахалар Сойуустарын" утарбыта. Оскуолаҕа сахалыы үөрэтиини бопсо сатаабыта.

1921 сыллаахха бассабыыктары утарда диэн хаайа сылдьыбыттара. 1928 сыллаахха иккистээн тутуллан 3 сылга лааҕырга ууруллубута, уонна Соловки анал лааҕырыгар ыытыллыбыта. Онтон эргиллибэтэх.