Шадрин Роман Иванович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Роман Иванович Шадрин (1893—1934) — эбээн, общественнай диэйэтэл уонна тэрийээччи.

Саккырыыр оройуонун Түһэгиир нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа.

1929 сыллаахха Сэрии Кыһал Знамятын орденынан наҕараадаламмыта. ЯЦИК чилиэнэ, ЯЦИК иһинэн Хотугу омуктарга көмө Комитетын бэрэсэдээтэлэ.

ЯЦИК бэрэсэдээтэлин Ойуунускай Платон Алексеевич солбуйааччыта этэ. Бүтүн Союзтааҕы Сэбиэттэр VI Съездка ВЦИК чилиэнинэн талыллыбыта.

1934 сыл кулун тутар 31 күнүгэр, 40 саастаах сылдьан Москваҕа сэлликтэн өлөр.

Кини аатын билигин Баатаҕай-Алыытын оскуолата сүгэр.

Ылыллыбыт сирэ

«Илин», 2001 сыл № 2.