Чигирёва Нина Николаевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Чигирёва Нина Николаевна — опера ырыаһыта (меццо-сопрано).

Олоҕун олуктара

  • 1954 сыллаахха сэтинньи 15 күнүгэр Саха АССР Амма оройуонун Эмис сэлиэнньэтигэр төрөөбүт.
  • 1979 с. — Дьокуускайдааҕы музыка училищетын бүтэрбит.
  • 1987 с. — М. И. Глинка аатынан Новосибирскайдааҕы консерватория вокалга салаатын бүтэрбит. Нью-Йорк (АХШ) Р. Понсейль аатынан фонд маэстро И. Чичаговка стажировкаламмыт.
  • 1987 сылтан Саха музыкальнай театырыгар үлэлээбит.
  • 1991 сылтан Саха государственнай опера уонна балет театырыгар үлэлиир.

Айар үлэтэ

Ариялара

  • Сузуки («Чио-Чио-сан» Дж. Пуччини, дебют)
  • Полина уонна Миловзор («Пиковая дама» П. И. Чайковскай)
  • Мамаша Кураж («Мамаша Кураж» С. Кортес)
  • Мать («Сын солнца» А. Созонов)
  • Күн Күбэй («Ньургун Боотур» М. Жирков, Г. Литинскай)
  • Азучена («Трубадур» Дж. Верди)
  • Маддалена («Риголетто» Дж.Верди)
  • Ольга («Евгений Онегин» П. И. Чайковскай)
  • Марина Мнишек («Борис Годунов» М. Мусоргскай)
  • Кончаковна («Князь Игорь» А. Бородин)
  • Любаша («Царская невеста» Н. Римскай-Корсаков)

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

Быһаарыылар

Өссө маны көр

Сигэлэр