Хлорофилл
Хлорофи́лл (гир. χλωρός, «от күөх» уонна φύλλον, «сэбирдэх») — от күөх пигмен, үүнээйилэр хлоропластарын от күөх дьүһүнэн өҥнүүр. Фотосинтезка кыттар. химическай тутулунан хлорофиллар — араас тетрапирроллар магниевай комплекстара . Хлорофиллар порфириновай тутуллаахтар уонна гемҥа чугастар. Хлорофилл Е140 ас эбии курдук регистрицияламмыт.
Арыйыы устуоруйата
1817 сыллаахха Жозеф Бьенеме Каванту уонна Пьер Жозеф Пеллетье үүнээйи сэбирдэхтэриттэн от күөх пигмээни таһаарбыттар, хлорофилл диэн ааттаабыттар[1]. 1900 сылларга Михаил Цвет[2] уонна Рихард Вильштэттэр бэйэ-бэйэлэриттэн туспа, хлорофилл араас кампаныантан оҥоһуллубутун бэлиэтээбиттэр. Вильтштэттэр хлорофилл икки кампаныанын кристааллга кубулуйбут, a уонна b хлорофилл диэн ааттаабыт. 1915 сыллаахха хлорофиллы чинчийбитигэр Нобелевскай бириэмийэ туттарбыттар. 1940 сыллаахха Ханс Фишер a хлорофилл химичэскэй тутулун булан таһаарбыт. Кини сиинтэзин 1960 сыллаахха Роберт Вудворт оҥорор[3], 1967 стереохимичэскэй структурата булан таһаарыллыбыт[4].
Быһаарыылар
- ↑ Pelletier and Caventou (1817) «Notice sur la matière verte des feuilles» («Замечания о зелёном материале листьев»), Journal de Pharmacie, 3 : 486—491.
- ↑ M. Tswett (1906) Physikalisch-chemische Studien über das Chlorophyll. Die Adsorptionen. (Физико-химические исследования хлорофилла. Адсорбция.) Ber. Dtsch. Botan. Ges. 24, 316—323 .
- ↑ R. B. Woodward, W. A. Ayer, J. M. Beaton, F. Bickelhaupt, R. Bonnett. THE TOTAL SYNTHESIS OF CHLOROPHYLL (en) // Journal of the American Chemical Society. — 1960. — Vol. 82, iss. 14. — P. 3800–3802. — DOI:10.1021/ja01499a093.
- ↑ Ian Fleming. Absolute Configuration and the Structure of Chlorophyll (en) // Nature. — 1967-10-14. — Vol. 216, iss. 5111. — P. 151–152. — DOI:10.1038/216151a0.