Хатылаев Михаил Михайлович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Хатылаев Михаил Михайлович

Михаил Михайлович Хатылаев — устуоруйа билимин дуоктара, профессор.

Олоҕун олуктара

  • 1937 сыл бэс ыйын 11 күнүгэр Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • 1958 сыллаахха СГУну бүтэрбитэ.
  • 1959—1961 сс. — Орто Халымаҕа орто оскуола дириэктэрэ.
  • 1961—1963 сс. — СГУ преподавателэ.
  • 1963—1966 сс. — СГУ аспирана.
  • 1966—1975 сс. — преподаватель, доцент.
  • 1967 сыллаахха кандидат диссертациятын көмүскүүр, темата «Золотодобывающая промышленность Советской Якутии (1923—1937 гг.)».
  • 1975—1988 сс. Гуманитарнай чинчийии институтугар советскай уобсастыба устуоруйатын скторын сэбиэдиссэйэ.
  • 1988 сыллаахха Иркутскай университетыгар доктор диссертациятын көмүскүүр, темата «Золотодобывающая промышленность Восточной Сибири (1917—1937 гг.)».
  • 1991 сылтан аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр Институт дириэктэрин солбуйааччыта.

Айымньылара

  • Золотопромышленность Якутии. Якутск, 1972.
  • Золотодобывающая промышленность Восточной Сибири (1917—1925). — Якутск, 1983.
  • Рабочие золотодобывающей промышленности Восточной Сибири (1921—1937). — Новосибирск: «Наука», 1986.

Өссө маны көр

Ылыллыбыт сирэ

  • «Энциклопедия Якутии». — Якутск, 2000.