Хатат

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хатат диэн — чокууру саҕан уот ыларга туттуллар анал оҥоһуулаах, элбэх углеродтаах хатарыылаах тимир.

Дьобуруопа омуктара хататы араас быһыылаан-таһаалаан, туспа мал курдук оҥорон, анал тирии эбэтэр таҥас саппыйаҕа укталлар. Саха хатата оннук буолбатах. Сахалар хататы кыалыгы кытта биир мал курдук оҥороллор. Хатат кыалык таһыгар буолар. Оччоҕуна кини чокууру аалан тыаһыы-ууһуу сылдьыбат, чокуур туттуллар кырыыта мүлүрүйбэт. Маннык көстүүлээх хатат Сахалары таһынан өссө монголларга, бүрээттэргэ, кытайдарга, тувиннарга, калмыктарга уо.д.а Азия атын омуктарыгар баара биллэр. Дьэ бу баар, Арҕаа уонна Илин уратыта!