Хатан (сурунаал)
Хатан — Саха сиригэр саха тылынан тахсар оҕо аймах сурунаала. 2008 с. ыам-бэс ыйдарыгар аан бастакы нүөмэрэ күн сирин көрбүтэ. Бастаан утаа икки ыйга биирдэ тахсара. 2010 сылтан ый аайы тахсар, сурутуунан уонна атыынан тарҕанар. 2016 с. тохсунньутааҕы туругунан сурутуунан 2500 тиражтаах.
Сурунаал айыллыбыт устуоруйата
2008 с. ыам ыйыгар тэриллибитэ. Аан бастаан тахсарыгар үлэлэспиттэрэ: философия дуоктара "Ситим" медиа-бөлөх генеральнай дириэктэрэ М.Н. Христофорова уо.д.а. Бастаан уолаттарга аналлаах түүр, саха омук устуоруйата, култуурата диэн хайысхалааҕа. Онтон саҥа үйэ, ырыынак ирдэбилинэн, киэҥ араҥаны хабыахтаах диэн соруктан орто уонна улахан кылаас оҕолоругар аналлаах оҕо аймах сурунаала диэн буолбута.
Аан бастакы сүрүн эрэдээктэр - Петр Прокопьевич Иванов.
2010 сыл алтынньы ыйыттан - Егор Револьевич Николаев (эрэдээксийэ биир эрэ үлэһиттээх). Көмпүүтэргэ таҥааччы - "Спорт Якутии" хаһыат таҥааччыта Семен Семенович Павлов.
64 сирэйдээх. Арассыыйаҕа биэс төгүл "Саамай элбэх тиражтаах төрөөбүт тылынан тахсар оҕолорго аналлаах сурунаал" диэн ааты, бириэмийэни ылбыта. 2015 сыл түмүгүнэн "Лидер продаж" диэн Арассыыйа таһымнаах бириэмийэлээх.
Литература сылыгар анаммыт күрэскэ Саха сиригэр тахсар бэчээт СМИ-тин кэккэтиттэн 1 миэстэни ылбыта.
Кыайыы70 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэ күрэһигэр 3-с миэстэни ылан турар.
Сурунаал сүрүн идиэйэтэ - саха оҕото сахалыы сурунаалы ааҕарын хааччыйыы. Ананар араҥата - орто уонна үрдүкү кылаас оҕолоро.
Сурунаал Вконтакте уонна Фейсбукка бөлөхтөөх.
Быһаарыылар
Сигэлэр
Саха Сирин хаһыаттара | Бу хаһыаттарга (сурунаалларга) сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |