Харалыаба Элизабет I

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Халыып:Infobox Royalty

Англия Харалыабата Элизабет I (1533 сыл балаҕан ыйын 7– 1603 сыл кулун тутар 24) диэн Англия, Ирландия Харалыабата этэ. Кини троҥҥа 1558 сыл сэтинньи 17 күнүттэн өлүөҕэр дылы, 1603 сыл кулун тутар 24 дылы саоалайбыта. Хоруол Генри VIII оҕото этэ. Тюдордар дьиэлэттирэттэн кэнники этэ.

Культураҕа, атыыга уонна атын дойдуну арыйыыга олус ситиһиилээх бириэмэ этэ.Испания Армадатыттан дойду харысхалаабыта. Кэргэн тахсыбатаҕа, ол гынан баран хас да фавориттаах этэ, Кини 1603 сыллаахха өлбүтүн кэннэ Шотландия хоруола Джеймс VI буолбута.

Олоҕун олуктара

Элизабет 1533 сыллаахха Гринвичка төрөөбүтэ. Хоруол Генри VIII уонна иккис кэргэнин Анна Болейн оҕото. Киниэхэ кииринньэҥ эдьиийдээҕэ уонна

Кыра эрдэҕиттэн үөрэххэ тартыһыылаах этэ, алта тылынан саҥарара: английскайдыы, француз, италия, испания, гириэк тылыан уонна латыынныы.

Харалыаба салайыытыгар ситиһиилэрэ

Элизабет I коронациятыгар

Кини иннинэ былааска олорбут Мэри I рим-католик таҥара итэҕэйэли төттөрү көҥүллээбитэ. Элизабет I протестаннар итэҕэли төннөрбүтэ, ол гынан баран сорох католик итэҕэл традицияларын хаалларбыта.

Элизабет I троҥҥа былаастыыр бириэмэтигэр культураҕа улахан ситиһиилэр баар буолбуттара, ол курдук Уильям Шекспир, Кристофер Марлове, Эдмунд Спенсер уонна атын дьон наар үлэлиир театрдары олохтообуттара, поэзия тарҕаммыта. Томас Таллис уонна Уильям Бирд Элизабет I суутугар үлэлээбиттэрэ.

Кини салайар бириэмэтигэр эдэр дьон мүкчүргэннээх сырыылара элбээбиттэр, ол курдук Америкаҕа дьон барыыта элбээбит, ол иһин колонизация төрүтэ баар буолбут,[1] In 1580, Drake became the first Englishman to sail around the world.[2] Элбэх экспедициялар Англияны колонизация бириэмэтигэр уонна эргии улаатарыгар бэлэмнэбитэр. 1600 сыллаахха Элизабет I кэлин обургу буолбут Илин Индия Хампаанньатын олохтообут.[3]

Испания Армадата

Элизабет I "Армадатааҕы мэтириэтэ"

Англия уонна Испания ити бириэмэҕэ аан дойду былааһын ыларга мөккүөрдээх этилэр. Элизабет I протестаннаах Голландияны Испания утары өрө туругууну өйөөбүтэ уонна бэйэтин "муора ыттарын" Испания хараабылларыгар саба түһэллэрин көҥүллүүрэ. Ол иһин 1588 сыллахха Испания хоруола Филипп II армаданы (ол эбэтэр элбэх хараабыллары) Англияны саба түһэргэ ыыппыта.

Армада Англия быдан кыра ол гынан баран сылбырҕа хараабылларын 1588 сыл от ыйын 29 күнүгэр көрсүбүтэ. Кыракый Англия хараабылларыгар Испания кыаттарбыта, онно күн-дьыл олус көмөлөспүтэ.

Быһаарыылар

  1. Gibbs, Gary C. (2012), Elizabeth I, 6, The World Book Encyclopedia 
  2. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); bbc диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  3. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); off диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох

Халыып:Англия монархтара