Хамыйах (иһит)

Хамыйах — ньуоску, мас ньуоску, кыра хомуос.

Тыл туттуллуута

Таабырыннар

  • Балаҕан үрдүгэр кэлтэгэй хамыйах сытар үһү (Ый)

Тыл номохторо

  • Кэччэгэйтэн кэлтэгэй хамыйахтаах баһар.
  • Хойуутугар быһахтаммыт, убаҕаһыгар хамыйахтаммыт.