Халбаһы
Халбаһы — ас, халбаһы оҥоһуктартар биирдэстэрэ, фарш уһун оболочкалаах буолааччы. Биир эбэтэр хас даҕаны эт көрүҥнэриттэн оҥоһуллар.
Историята
|
"Халбаһы" диэн тыл былыргы славян тылыттан кэлбит, бастаан XII үйэтээҕи № 842-дээх Новгород туос грамотатыгар суруллубубут[1]}} ыытыллыбыт ас тиһигэр суруллубут.
Корш Федор Евгеньевич чинчийиитинэн халбаһы диэн тыл турецкай тылтан кul basti («ураты оҥоһуллубут эт»). Сорохтор дьэбириэй тылыттан kol basar («араас быһыылар»). Макс Фасмер фонетическай аналиһа славян тылларытан кэлбит диэн түмүккэ кэлбит, ол гынан баран атын тыллартан, түүр тылтан кэлбит буолун сөп диэн этэр.[2].
Греция, Вавилон, былыргы Кытай суруллууларыгар көстөн ааһар. Арассыыйаҕа халбаһыны оҥорор мастерскойдар XVII үйэҕэ баар буолбуттар.
Халбаһы араастара
Буһарыллыбыт халбаһылар
Туустаммыт фаршы 80 кыраадыска уһуннук буһараллар. Буһарыллыбыт халбаһыларга соя элбэх буолуон сөп. Сорох халбаһылар төрүт да вегетерианскай буолаллар, ол аата этэ суох буһарыллыбыт буолаллар.Буһарыллыбыт халбаһы уута элбэх буолан уһуннук харайыллыбаттар,
Буһарыллыбыт халбаһыга 10—15 % белок, 20—30 % сыа баар буолааччы, калорийноһа —100 граммҥа 220—310 калорий баар буолааччы.
Урукку ССРС дойдуларыгар биир киэҥник сиэнэр халбаһы сордунан Докторскай халбаһы буолар.
Буһарыллан ыыһаммыт халбаһылар
Бастаан буһарыллыбыт фаршы ыыһаллар (буруоҕа угаллар), буһарыллыбыт халбаһылартан сытыы тумата элбэх туттуллар. Эт амтанын уларытарга үүт, бурдук, сыа уонна крахмал туттуллар.
Буһарыллан ыыһаммыт халбаһыга 10—17 % белок, 30—40 % сыа баар буолааччы, калорийноһа 100 граммҥа 350—410 калорий баар буолааччы, халадьыынньыкка 15 күн устата харайыллыан сөп.
Полукопчёнай халбаһылар
Бастаан ыһаарыналлар, онтон буһарыллар уонна ыыһаныллар. Буһарыллан ыыһаммыт халбаһыны кытта тэҥнээтэххэ амтана биир курдук буолар, ол гынан баран буһарылларыгар ыйааһыны сүтэриитэ аҕыйах буолар, уонна ыыһаныыта кыра буолар.
Сырокопчёнай халбаһылар
Сырокопченай халбаһы буһарыллыбыат, ол гынан баран тымныы ыыһыы 20—25 градуска уһуннук (30—40 күн устата) тутуллар, сытыы тумата туттуллуута өссө элбэх буолар.
Сырокопчёный халбаһылар 13—28 % белок, 28—57 % сыа баар буолааччы, калорийноһа 100 граммҥа — 340—570 калорий буолар.
Халбаһы эбиискэлэрэ
Халбаһы уһуннук харайыллыгар уонна бактериялар тарҕаныыларын тохтотор, өҥө, амтана үчүгэй буоларыгар уонна ыйааһына улаатыытыгар араас эбиискэлэр туттуллаллар.
Быһаарыылар
Тас сигэлэр
- Колбасы // Краткая энциклопедия домашнего хозяйства. — М.: Государственное Научное издательство «Большая Советская энциклопедия», 1959.
- okolbase.org.ru — Всё о колбасе
- Национальный стандарт Российской Федерации — Изделия колбасные вареные. Технические условия. ГОСТ Р 52196-2003
- Колбасные изделия СССР