Хаан группата
Киирии чааһа
ХХ үйэ саҕаланыытыгар хаан группата киһи физиологиятын кытта сибээһин чинчийии саҕаламмыта. Хаан тиһигэ эволюцияны барбыта диэн сабаҕалааһын баар. Саамай былыргы - I группа. Онтон кэлин II, III группалар баар буолбуттара. Барыларыттан эдэр - IV группа. Бу группа II, III группалар холбоспуттарын түмүгэр үөскээбитэ диэн быһаараллар Киһи ханнык ыарыыларга ордук ылларара хаанын группатыттан тутулуктаах.
Ыарыыга ылларыы төрүөтэ:
I группаҕа киирэр киһи сэллик, аллергическай бронхит, астма, А тииптээх грипп ыарыыларынан ыалдьар эбит. Бу дьон хааннарынан баттааһына халбаҥныан сөп, сүрэх-тымыр, хаан, куртах-оһоҕос, бүөр, тирии ыарыыларыгар бэринимтиэлэр.
II группа хааннаах дьоҥҥо тирии, сүрэх тымырын, хаан бөлүөхсүйүүтүн кытта ситимнээх ыарыылар кутталлаахтар. Куртах-оһоҕос ыарыыларыттан гастрит, холецистит, үөс тааһырыыта суоһуур. Рагынан ыалдьар куттал олус үрдүгүнэн сибээстээн, бу дьон табаҕы тардаллара бобуллар.
III группа хааннаах дьон тиистэрэ кэбирэх буолар. Кинилэр көнө оһоҕосторо онкологическай ыарыыга бэринимтиэ, ньиэрбэ ыарыытыгар чаастатык ыллараллар. Онтон тирии ыарыытын чэпчэкитик аһараллар. Тымныйыы, бүөр ыарыыта, радикулит кутталлаахтар.
IV группа хааннаах дьон тирии ыарыытыгар ыллардахтарына, эмтэнэллэрэ уустук. Маннык группа хааннаахтарга сүрэх-тымыр, хаан ыарыылара чаастатык көстөр. Ол оннугар кинилэр кариеска бэриммэттэр эбит.
Аһылык:
I группа хааннаах дьон этимсэхтэр. Туох баҕарар этин сиэхтэрин сөп. Рационнарын муора аһынан байыталларыгар сүбэлииллэр. Бурдук ас, үүт, сымыыт, кинилэри уойууга тириэрдэр. Минньигэһи сиэбэккитигэр сүбэлииллэр. Ананас, вишня, слива утахтарын иһэллэрэ туһалаах.
II группалаах хаан киьи аймах отунан-маһынан уонна бултаан иитинэр кэмин ааһан, сири оҥорор буолуоҕуттан ыла үөскээбитэ диэн суруйаллар. Ол иһин кинилэр рационнарыгар оҕуруот аһа, фрукта, бурдук ас баһыйыахтаах. Эти элбэҕи сиэмиэҥ, үүтүнэн үлүһүйүмэҥ диэн сүбэлииллэр. Форель, хариус балыгы сииллэрэ туһалаах.
III группа хааннаах дьон аһыыр рационнара быдан толору. Сибиинньэ, кус, хаас курдук сыалаах эттэн уратыны барытын сиэхтэрин сөп. Балык, оҕуруот аһа, фрукта барсар. Сэлиэһинэйтэн бурдук аһы, боб үүнээйини куртахтара куһаҕаннык буһарар.
IV группа хааннаах дьон аан дойду үрдүнэн нэһилиэнньэ 5% эрэ ылаллар. Кинилэр астарын рациона III группалаах дьону кытта биир. Чэй, кофе, кыһыл арыгы кинилэр сүрэхтэригэр-тымырдарыгар үчүгэйдик дьайарын бэлиэтиэх тустаахпыт.
Интэриэһинэй факт:
Киһи уйулҕата, уопсай туруга хаанын группатын кытта ситимнээҕин эмиэ чинчийэн тураллар. II уонна III группалаах дьон стреһи тэҥник тулуйаллар. Кинилэр стреһи эмиэ күүстээхтик ылыналлар буолан баран, чэпчэкитик аһараллар. Оттон IV группа хааннаах дьон стреһи I группалаах дьон курдук ылыналлар.
Эр дьон төһө имэҥнээхтэрэ хааннарын группатыттан тутулуктаах диэн өйдөбүл баар. I группалаах эр дьон олус имэҥнээхтэр, үксүн бэйэлэрин эрэ баҕаларын ханнарар санаалаахтар. Оттон II группалаах эр дьон, төттөрүтүн, дьахтар баҕатын ханнарарга ордук кыһаналлар эбит. III группалаах эр дьон күүлэйдииргэ охтоллор, кинилэри тулуура суох, устугас дьон курдук сыаналыыллар. IV группалаах эр дьон тапталлара үйэлээх дииллэр.
Сигэлэр
1. Доруобуйа бэйэҥ илиигэр А.К. Ахременко, биологическай наука кандидата. Б.И. Иванов, тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора, профессор. - Дьокуускай, Бичик, 2015 сыл.
2. Д Адамо П., Уитни К. 4 группы крови-4 кухни. - Минск 2002
3. Головешкина О.В. Группа крови и избыточный вес. - М.: 2004