Федоров Михаил Дмитриевич (Ырыа Миисэ)
Федоров Михаил Дмитриевич (Ырыа Миисэ) — Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
Олоҕун олуктара
- 1929 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр Үһүс Малдьаҕар нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Ийэтэ биэс саастааҕар өлөн, быраатын кытта аҕаларыгар иитиллибиттэр.
- 1937—1944 сс. — сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрээт, совхозка үлэлээбит.
- 1945—1947 сс. — Дьокуускайга педрабфакка үөрэммит, ис туруга мөлтөх буолан, ситэри үөрэммэтэх.
- 1948 сылтан — Тиит-Арыыга кулууп сэбиэдиссэйэ.
- 1960—1976 сс. — Чкаловка, Улахан-Ааҥҥа, Тиит-Арыыга, Хачыкаатка, Өктөмҥө культура үлэтин тэрийбит, культура Дьиэлэрин директорынан үлэлээбит.
- 1976 сылтан — пенсияҕа тахсыбыт.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- ССРС культуратын туйгуна
- Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ
- «Бочуот Знага» уордьан
- Тиит-Арыы нэһилиэгин Ытык олохтооҕо
Аатын үйэтитии
М. Д. Федоров — Ырыа Миисэ аата Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы культуратын Дьиэтигэр иҥэриллибитэ (2009)
Сигэлэр
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |