Уһаарык
Уһаарык диэн химия ууһуктарын булкааһа. Булкааска киирэр ууһуктар барылара эбэтэр сорохторо металлар. Уһаарыктар ыраас металлардааҕар ордуктара диэн быдан бөҕөлөр, дьэбиҥҥэ тулуйумтуолар, чэпчэки сыаналаахтар. Араас металлар үчүгэй өттүлэрин холбоон тупсараллар диэххэ сөп. Уһаарыктар биир сүрүн тутуу материаллара буолаллар. Тимир уонна алюминий уһаарыктара ордук суолталаахтар. Техникаҕа 5000 тахса уһаарык туттуллар.
Алтыкка туттуллар уһаарыктар
Уһаарыктары анабылларынан манныктарга араараллар: тутуу уһаарыктара, сэп уһаарыктара, анал уһаарыктар.
Тутуу уһаарыктара:
- болот
- чугуун
- дуларумин
Анал саҥнардаах тутуу уһаарыктара:
- чаҥ
- алтан дьэс
Моой тирэхтэри кутар уһаарыктар:
- баббит
Кээмэйдиир уонна сылытар тэриллэр уһаарыктара:
- манганин
- нихром
Быһар сэптэри оҥорорго туһаныллар уһаарыктар:
- победит