Ун-хаан

Туорул, Тогорил, Тогрул (? — 1203), Ван-хан аатынан ордук биллэр (Он-хан эбэтэр Онгхан[4]) — кэрэйииттэр хааннара.

undefined

Биография

Туорул Хурдьакус хаан уонна Илма-хатун улахан уоллара, Маркуз Буйурук Хаан сиэнэ. Сэттэ сааһыгар мэркит ууһа кинини билиэн ылбыта, онно күһэллэн просо мэлийбитэ. Туорулы аҕата Хурдьакус быыһаабыта, ол гынан баран алта сылынан уолу эмиэ билиэҥҥэ ылаллар — бу сырыыга татаар хаана Ачжа. Арааһа, Туорул хаста да билиэн ылыыта аймахтарын көмөлөрүнэн буолуон сөбө, онон, аҕата өлбүтүн кэннэ саҥа ыраахтааҕы аймахтарыттан хас да киһини, ол иһигэр бэйэтин бырааттарын — Тай-Тимур-тайшины уонна Бука-Тимуру. Туорул өссө биир кыра быраата Эркэ-Хара наймаҥнарга куотан, кинилэр тойонноругар Инанч хааҥҥа саһар.

Быһаарыылар