Төрөппүт оруола

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Төрөппүт оҕо иитиитигэр ылар оруола үрдээн иһэр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр төрөппүт оруолун аһара намтатан, сэбиэскэй норуот киһитин общество иитэн улаатыннарарын туһунан этэллэрэ. Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн дьааһылаҕа, детсадка, онтон оскуолаҕа үөрэтэн сэбиэскэй киһи оҥорууну государство барытын бэйэтигэр ылына сылдьыбыта.

Сэбиэскэй былаас эстэн босхо дьааһылалар, детсадтар суох буолууларыттан, билигин оҕо иитиитигэр төрөппүт ылар оруола лаппа үрдээн иһэр. Төрөппүттэр оҕолоро киһилии быһыылаах дьон буола улааталларыгар, киһилии быһыылары оҥороллоругар, үлэни-хамнаһы сатыылларыгар үөрэтэр баҕа санаалара улаатан иһэр. Чааһынай бас билии олоххо киириититтэн төрөппүттэр үйэлэрин тухары үлэлээн-хамсаан мунньуммут баайдарын-малларын салгыы көрөр-истэр аналлаах кэлэр көлүөнэлэрин өйө-санаата сайдыытыгар, туруктаах, тулуурдаах буолуутугар, үлэлии үөрэнэллэригэр кыһаналларын лаппа улаатыннарда.

Кэлэр көлүөнэтин өйүн-санаатын таба суолунан сайыннарыы төрөппүт ытык иэһэ буоларын бары төрөппүттэр билэн туһанан эрэллэр. Кини оҕото көрсүө, сэмэй, туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улааттаҕына, быстах быһыыларга, сыыһа-халты, аһара туттунууларга түбэспэтэҕинэ, үлэни-хамнаһы кыайдаҕына, элбэх оҕолонон аймахтары сайыннардаҕына, тэниттэҕинэ төрөппүт хаана тарҕанар, сүппэт, симэлийбэт дьылҕаланар, үйэтин тухары булбут, муспут баайа-мала эрэллээх, ыспат, тохпот дьоҥҥо туттарыллан, салгыы эбиллэр кыахтанар.

Оҕотун туһугар аан бастаан төрөппүт кыһанар. Оҕолоро ким курдугун быһаарсыы төрөппүттэр икки ардыларыгар биирдэ эмэтэ буолан ааһыталыыр. Ордук үчүгэй быһыыны оҥордоҕуна «Мин курдук» диэн хайалара эмэ, кырдьык хайҕаныан сөп.

Оҕо киһи быһыылаах буола сайдыыта, улаатыыта барыта төрөппүт бэйэтин үтүгүннэрэн, батыһыннаран, «Мин курдук оҥор» диэн көрдөрөн биэриитинэн ситиһиллэр үөрэх буолар. Төрөппүт оҕотун кыра эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан, бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэттэҕинэ оҕотун өйө-санаата кини курдук буола сайдар кыахтанар. Оҕо кыратын эрэ быһыытынан аһылыга төрөппүтүттэн уратыланарын ситиһии минньигэс аһылыгынан мааныланан атаах буола улааппатын хааччыйыы биир көрүҥэ буолар.

«Оҕону бэрээдэккэ кыра эрдэҕинэ үөрэтиллэр» диэн этиини төрөппүттэр туһаналлар. Төрөппүт этэрин бэйэтин быһыытынан чиҥэтэн биэрэрэ хайаан да наада. Оҕо төрөппүтүн: «Кэл», - диэн ыҥырарын истибэккэ шоколадтаах прилавоктан арахпат буоллаҕына, табыталыттан тардан ылан илдьэ бардахха, төрөппүт этэрэ хайаан да толорулларын, халбаҥнаабатын туһунан оҕоҕо өйдөбүл үөскээн умнуллубат буола олохсуйар, аныгыскы ыҥырыытыгар бэйэтэ да кэлиэн сөп.

Оҕону кыра эрдэҕинэ бэйэтин өйө-санаата киириэн иннинэ бэрээдэккэ үөрэтии чиҥ, кытаанах, куһаҕан быһыыны оҥороро сонно тохтотуллар, аралдьытыллар, үчүгэй быһыылары эрэ оҥорор буоллаҕына өйө-санаата, ийэ кута үчүгэй быһыыларга иитиллэр. Улаатан 5 эбэтэр 6 сааһыттан бэйэтин өйө-санаата сайдан истэҕинэ куһаҕаны уонна үчүгэйи арааран билэргэ үөрэнэрэ хайаан да наада.

Ийэ уонна аҕа оҕоҕо көрдөбүллэрэ тус-туһунаннар. Ийэ оҕотун куруук аһынар, харыстыыр, сынньатар өйдөөх-санаалаах, оннук сылдьарга иитэр, үөрэтэр буоллаҕына, аҕа үөрэҕэ ыарахан, оҕоҕо көрдөбүлэ быдан үрдүк, үлэҕэ-хамнаска, тулуурдаах буолууга үөрэтии эрэйдээх, уһун кэми ылар. Аҕа үөрэҕэ ыгааһыннаах, элбэх хааччахтардаах буолан Улуу Тойон таҥара үөрэҕэр киирсэр.

Кытаанах, халбаҥнаабат көрдөбүллээх ийэ, аҕа оҕолоро улаатан иһэн төрөппүттэриттэн салла саныыр, толлор, куһаҕаны оҥорума диэн эппиттэрин умнубакка, толорорго үөрэннэҕинэ, ол аата кинилэр эппиттэриттэн атыннык оҥороруттан туттунар буола улаатар. Маннык үөрэҕи билэн улааппыт оҕо улаатан иһэн, улаатан да баран сыыһа-халты туттунара аҕыйыырынан, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор кыаҕа улаатар. Оҕо киһи буола улаатарын, төрөппүтүн курдук өйдөөх-санаалаах буоларын туһугар төрөппүт көрдөбүллэрин, ыйыыларын тулуйан, утары эппэккэ толорорго үөрэнэрэ ирдэнэр.

Оҕо өйүн-санаатын уратыларын төрөппүттэр кыра эрдэҕиттэн араас таҥхалары, гороскуоптары туһанан билэллэрэ ордук. Дьон бары билэр Пифагор оҥорбут сыыппараларынан киһи майгынын быһаарыыта ордук сөп түбэһэр. Үгүс оҕолор сымнаҕас, истимтиэ майгылаах буоллахтарына, сорохтор аһара барар, бэйэлэрэ билэллэринэн оҥоро сатыыр майгылара элбэх буолар.

Сымнаҕас, истимтиэ майгылаах оҕону иитии, үөрэтии төрөппүттэн ханнык да улахан эрэйи, кыһалҕаны эрэйбэт. Арай бэйэни үтүгүннэрэн үөрэтиигэ хайҕааһыннаах, көмөлөһүүлээх, кыра манньалаах буолуон сөп. Бары кэриэтэ кыыс оҕолору уонна аҕыйах уолаттары үөрэтии бу быһаарыыга сөп түбэһэр.

Аһара барар майгылаах оҕону, ордук уолаттары киһи оҥорорун курдук оҥорорго, киһи быһыылаах буолууга үөрэтии хайаан да ыгааһыннаах, атыннык оҥоро сатааһыны тохтотуулаах буолара табыллар. Сэбиэскэй былаас кэмиттэн аһара барар майгылаах оҕолору кыра эрдэхтэринэ кыайа тутан ийэ кутун ииппэккэ, үөрэппэккэ, үөрэнэр кэмин аһаран кэбиһэн, куһаҕан майгылаахха кубулутан баран «Трудные подростки» диэн туспа арааран ааттыыллара уонна хаайыы аҥардаах аналлаах оскуолаларга улааппыттарын кэннэ мунньан үөрэтэ сатыыллара туһата аҕыйах буолара.

Элбэх саҥаны айааччы, саҥаны оҥорооччу буола улаатыан сөптөөх аһара сайдыы диэки тардыһыылаах оҕолору кэмигэр, кыра эрдэхтэринэ сатаан, табан ииппэккэ, үчүгэй үгэстэргэ үөрэппэккэ аһара атаахтатан, куһаҕан майгыларын сайыннаран, буорту оҥорон баран, хойутаан көннөрө сатааһын ыарахан уонна саҥа үгэстэри үөскэтинэргэ тириэрдэринэн, уһун кэми ыларынан туһата кыра.

Куһаҕан быһыылар аҕыйыылларыгар, оҥоруллубаттарыгар киһи быһыылаах киһи баҕарар. Оҕото үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарыгар баҕарар төрөппүт оҕото куһаҕан быһыылаах буолбатыгар, куһаҕан быһыылар диэннэри үөрэтэн билэн оҥорботугар кыһанар.

Оҕону кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии диэн сахалар үөрэхтэрэ. Бу үөрэҕи төрөппүттэр туһанан оҕолорун кыра эрдэҕинэ «Хара харахтаахха көрдөрбөккө» иитэн, үөрэтэн уонна Улуу Тойон таҥара үөрэҕин ыйыыларын тутуһан бэйэлэрин курдук өйдөөх-санаалаах дьон оҥордохторуна билигин, ырыынак кэмигэр улахан туһаны оҥостуналлар. (1,103).

Туһаныллыбыт литература.

1. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: Компания "Дани АлмаС", 2012. - 144 с.

Өссө маны көр

  • Халыып:Төрөппүт - оҕо таҥарата