Төрдүс
Төрдүс период, эбэтэр Антропоген — кайнозойу түмүктүүр. 1,8–1,6 мөллүйүөн сыл ынараа өттүгэр саҕаламмыта.
Бу билигин араарыллар геология периодтарыттан ордук кылгас период, ол гынан баран бу кэмҥэ сир билиҥҥи туруга халыыптаммыта уонна киһи-аймах сайдыытыгар улахан сабыдыаллаах түгэннэр буолбуттара: мууһуруу периода уонна киһи үөскээһинэ.
Кэмин устата наһаа кылгас буолан палеонтологияҕа туттулар сааһы холоонноон быһаарар ньыма туттуллубат, онон саҥа ньымалар туттуллар буолбуттара: абсолютнай сааһы быһаарар радиокарбон уонна калий-аргон изотоптарын анаалыстыыр ньымалар. Геологияҕа туспа хайысха үөскээбитэ Төрдүс период геологията.
Төрдүс период плейстоцеҥҥа уонна голоцеҥҥа арахсар.