Тыс үтүлүк
Тыс үтүлүк — күндү түүлээх тыһынан (Ытыһын сарыы оҥороллоро. Манных үтүлүк ытыһын эрбэҕин кытта холбуу быһаллара. Эр дьон тыс үтүлүктэрэ уостаах (аһаҕастаах) буолар. Эрбэҕин төрдүнэн, ытыһынан аһаҕастара таҥаһынан сабыллар. Ол көлөнү баайарга, үлэлииргэ табыгастаах.
Дьахтарга, оҕоҕо саһыл, куобах атаҕын сүлэн, таҥас ытыстаан тигэллэр, истииллэр, наһаа ичигэс, чэпчэки буолар[1].
Быһаарыылар
- ↑ Попова М. А. Саха төрүт культурата I чааһа. Дьокуускай, 1993.