Тыко Вылка
Тыко Вылка (олунньу 15 (27) 1886 — балаҕан ыйын 29 1960) (нууччалыы аата — Илья Константинович Вылка) — дьураак худуоһунньуга, кэпсээнньитэ, литератууратын төрүттээччитэ, салайааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл.
Олоҕун олуктара
Тыко Вылка 1886 сыллаахха олунньуга тугут» диэн суолталаах. Аҕата — арыыга биллэр муора кыылын булчута Ханец Вылка этэ. Тыко 1904 сыллаахтан уруһуйдуур буолбута, халандаар ойууларын, чэй хаатын ойуутун түһэрэн ылара.
1901 сыллаахха Саҥа Сиргэ аатырбыт хотугу айылҕа худуоһунньуга Александр Борисов кэлэр, Тыко киниэхэ хамначчытынан киирэр. Арыыны кэрийэн уруһуйдуур кэмигэр эдэр Тыко ону сүрдээҕин сэргиир. Ону көрөн худуоһунньук кыһыны уонна сааһы быһа арыы кыраасканан суруйарга үөрэтэр.
1903 сыллаахха Саҥа Сиргэ худуоһунньук уонна суруйааччы Степан Писахов көскө кэлэр. Писахов күннүгэр маннык суруйан хаалларбыт:
Работы Вылки поразили меня своей «неровностью», в них удивительно сочетается детская неумелость и сила, полнозвучие и утонченность европейских мастеров. Откуда у него это!… Он слишком самобытен, своим природным чутьем Тыко сам найдет свою дорогу. Он сможет показать Новую Землю такой, какой мы, приезжие, ее никогда не увидим…
Писахов бастакы кырааскалары уонна харандаастары бэлэхтиир. 1904 сыллаахха Вылка бастакы хартыынатын атыылыыр - англия айанньыттарыттан хартыынатыгар компас уонна термометр атастаһан ылар.
1909 сыллаахха архипелаакка хоту дойду чинчийээччитэ Владимир Русанов кэлэр, Вылкалыын арыыны барытын чинчийэллэр, сиһилии картографическэй ойуулааһыны оҥороллор. Ол сылга Вылка Москубаҕа барар, Архипов уонна Переплётчиков диэн худуоһунньуктарга үөрэнэр. 1910 сыллаахха «Русский Север» диэн быыстапкаҕа кыттар. 1911 сыллаахха Вылка убайа өлөр, онон Тыко кини ойоҕун уонна алта оҕотун көрөн-истэн хаалар. Онтон сылтаан Москубатааҕы үөрэҕин быраҕарга күһэллэр. Уруһуйтан ураты Вылка фольклору сэргиир, 1914 сыллаахха «Записки о Новой Земле» диэн хомуурунньугу таһаарар.
1917 сыллаах өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн бөһүөлэк сэбиэтин бэрэстээтэлинэн (1918—1934) уонна Новоземельскэй арыытааҕы дьокутааттарын сэбиэтин (1924—1956) бэрэстээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ. Ону таһынан булчуттар артыалларын салайара. 1950-с сыллардаахха Саҥа Сиргэ ядернай полигон оҥорон барбыттара. Онтон сылтаан ненецтэри көһөрбүттэрэ. Тыко Вылка дьонун кытта Архангельскайга көспүтэ. Олоҕун тиһэх сылларыгар дылы төрөөбүт сирин көрүөн баҕарара.
Тыко Вылка Архангелькайга 1960 сыллаахха 74 сааһыгар өлбүтэ.
Литератуура
- Воронова Ольга Порфирьевна. Президент Новой Земли Тыко Вылка. М., Советский художник, 1977. 160 сир., "Рассказы о художниках" сиэрийэ.
- Кошечкин Б. И. Сын Новой Земли. (Тыко Вылко). М. Мысль, 1980
- Сухановский А. Ф., Тыко Вылка. Сын полярной звезды. Архангельскай, СК-Россия, 2009
Кинематограф
- Великий самоед» (реж. Аркадий Кордон).
Сигэлэр
- Тыко Вылка
- Ненец — это значит человек!
- Могила Тыко Вылки на сайте «Архангельский некрополь»
- Нелегкая судьба «великого самоеда»
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |