Туруук
Туруук, туруук таас хайа - салгыҥҥа, күн сыралҕаныгар быһа сиэтэн, тыалга-кууска үрдэрэн, ууга-хаарга суураллан, алдьанан, баҕана курдук туруору көрүҥнэммит, туйахтаах кыыл тахсан күрэнэн туруон сөптөөх таас очуос.
Тэҥнээ: тур (был. түүр.) — олохсуйуу, туруу, баар буолуу; туруг (был. түүр.) — хайаҕа күрэнэн бүгэр сир; тур, тура (монг. бур.) — кириэппэс, куорат, дьиэ; туруг (тыыв.) — туруору таас, очуос.
Ылыллыбыт сирэ
География Якутии: учеб. для 9-го Кл. сред. шк./ И.И. Жирков [и др.]. – Якутск: Бичик, 2004. -300, [1] с.: ил, карты; 20 см. ISBN 5-7696-1049-2