Туруору тылбаас
Туруору тылбаас - атын тылтан биир халыыптарын көнөтүнэн тылбаастааһын. Туруору тылбаастаммыт тиэкис тылбаасчыт намыһах бэлэмнээҕин, тылы мөлтөхтук билэрин көрдөрөр.Туруору тылбаас куһаҕан да,үчүгэй да өрүттээх. Буукубаттан буукубаҕа уонна тылыттан тылга тылбаас диэн арахсар. Тылыттан тылга тылбаас диэн атын тыллаах тиэкиһи кытта тылбаастанар тиэкис өйдөбүлэ муҥутуур улаханнык чугас, ол эрээри тыдбаастанар тиэкис уус-уран уратытытын тиэрдибэт, үөрүйэҕин тутуспат. Тылыттан тылга тылбааска үксүгэр тылбаастанар тиэкис рифматын, тэтимин, истиилин сүтэриэххэ сөп. Ол эрээри буукубаттан буукубаҕа тылбаастан ураты, тылыттан тылга тылбаас ис хоһоонун тириэрдэ уонна төһө кыалларынан тылбаастанар тиэкис тылыгар муҥутуур улаханнык чугаһата сатыыр. Ону тэҥэ сомоҕо домох тылбааһыгар тылыттан тылбаас итэҕэс буолар. Тылбаас оригиналын кытта сөбүгэр тэҥ тылбаас суох буолар, быһааран тылы эбии солбуга суох буолуохтаах. Тылбаас сайдан истэҕин ахсын көрүгэ (концепция) эмиэ уларыйар: тылыттан тылыгар, туруору тылбаас - библия, марк.-лен. литература, билигин Президент этиитин тылбааһа, СИА матырыйаала буолар. Буукубаттан буукубаҕа тылбаас үксүгэр итэҕэс тылбаас дэнэр. Тыл үөрүйэҕин тутуспат, ис хоһоонун бутуйар, атын омук тылыгар тириэрдибэт. Тыл систиэмэтин кэһэр: предлог (учусь в универе); Тыл литературнай нуорматын кэһэр: хомуска тардар; Тыл үөрүйэҕин (узуһун) кэһэр: сыалаах үүт; Тылбаасчыт тылы сүһэн ылар, тылы көҕүрэтиэн, эбиэн куттанар. Ол эрээри буукубаттан буукубаҕа тылбаас термиҥҥэ (интернет), омук уратытын көрдөрөр тылга (сэргэ), анал аакка, хос аакка, сир-дойду аатыгар (Харыйалаах) итэҕэс буолбат, тоҕо диэтэххэ бу тыллар тылбааһа суохтар.