Турантаев Гурий Иванович
Турантаев Гурий Иванович (07.01.1929 - 11.02.2017) — эмчит, тыыл уонна улэ бэтэрээнэ, Уус-Алдан улууҺун уонна Бээрийэ нэҺиэлиэгин "Бочуоттаах олохтооҔо", норуот медицинатын магистра.
Олоҕун олуктара
1929 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр Мүрү нэҺилиэгэр сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Бээрийэ оскуолатыгар үөрэнэн түөрт кылааҺы бүтэрбитэ. Онтон ТандаҔа үөрэнэ тиийбитин, "норуот өстөөҔүн" оҔотоҔун диэн интернакка ылбаккалар, олорор сирэ суох буолан төптөрү дойдутугар кэлбитэ.
Кыра сааҺыттан колхоз үлэтигэр миккиллэн, 1947 сыллаахха эңкилэ суох үлэтин иҺин "1941-1945 сылларга АҔа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иҺин" мэтээлинэн наҔараадаламмыта. ТаҺаарыылаах үлэтин иҺин элбэх грамоталарынан, махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. Үлэлээбит кэмигэр общественнай үлэҔэ көктөөхтүк кыттан, араас хайысхалаах общественнай нагрузкалаах буолара.
1949-1952 сылларга Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр Курильскай арыыларга уонна Магадаңңа сулууспалаабыта.
НэҺилиэккэ бастакынан уопсай муңханы оңорон, үгүс сылларга дьонун-сэргэтин тэрийэн балыктаппыта. 1953 сыллаахха Уус-Алдан лесхоҺугар улэлии киирбитэ уонна 38 сыл устата лесхозка лесник быҺыытынан ситиҺиилээхтик улэлээбитэ.
1963 сыллаахха от ыйын 1 күнүгэр Андреева Харитина Степановна диэн Горнай оройуонуттан тѳрүттээх, ол кэмңэ БээрийэҔэ НАСПО-Ҕа ( нэҺилиэктээҔи потребобщество) бухгалерынан улэлии сылдьыбыт кыыҺы кытта уруу тэрийэн ыал буолбуттара. Харитинаны кытта үйэ аңарыттан ордук кэмңэ бииргэ олорбуттара, алта оҔоҔо күн сирин кѳрдѳрбүттэрэ.
Гурий Иванович 80-нус сыллартан дьарыгыран, республикаҔа, ону ааҺан РоссияҔа киэңник биллэр ытыктабылга сылдьар норуот эмчитэ буолар. Уопсайа 40 тыҺыынча кэриңэ киҺини эмтээбитэ, атаҔыгар туруорбута, ол быыҺыгар биллиилээх художественнай гимнастика спортсменкалара Алина Кабаева уонна Ляйсан Утяшева бааллар.
1987 сыллаахха "Магистр народной медицины" диэн анал ааты ылбыта. 1994 сыллаахха тохсунньу 12 кунугэр Саха сиринээҔи эмчиттэрин Ассоциациятын президиумун уонна аттестациялыыр хамыыҺыйатын быҺаарыытынан Гурий Ивановичка "ТүҺүлгэ Эмчит" аата иңэриллибитэ.
Гурий Иванович уопсайа 18 сиэн оҔолоох уонна 1 хос сиэннээх.
2016 сыл олунньутугар "Гурий Турантаев - БороҔон оҔонньор" диэн олоҔун сырдатар Егор Картузов суруйбут кинигэтин сурэхтээнитэ буолбута.
2017 сыллаахха олунньу 11 күнүгэр 88 сааҺыгар орто дойду олоҔуттан бүтэҺиктээхтик аттаммыта.
Наҕараадалара
- "Гражданская доблесть" бэлиэ (2003с. мусс устар 26 кунэ)
- "За доблестный труд в Великой Отечественной Войне 1941-1945гг." мэтээл (1947с. бэс ыйын4 кунэ)
- Духуобунай сайдыыга кылаатын уонна өр сыллаах айымньылаах үлэтин СР Президенин Грамотата (2009с. тохсунньу 7 кунэ)
- "За трудовую доблесть" мэтээл (1966с. балаҔан ыйын 15 кунэ)
- "40 лет ВОВ" мэтээл - "50 лет ВОВ" мэтээл
- "Ударник Коммунистического труда" бэлиэ (1968с.)
- "Ветеран труда" бэлиэ (1984с. кулун тутар 28 кунэ)
- "Ветеран тыла" бэлиэ - знак отличия в честь юбилея 370 лет Якутии с Россией (2002с.)
- "За сбережение и приумножение лесных богатств РСФСР" өйдөбүннүк бэлиэ (1966с. тохсунньу 15 кунэ)
- Уус-Алдан улууҺун Бочуоттаах олохтооҔо (2001с.)
- Бээрийэ нэҺилиэгин Бочуоттаах олохтооҔо