Тириинэн тигиллибит саары этэрбэс

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тириинэн тигиллибит саары этэрбэс. Тумса, умнаһа кыһыл сукуна кыбытыылаах. Билэтэ кэтит coҕyc, түөрт тус-туһунан өҥнөөх сукунанан саахыматтыы аттарыллар. Быатын оннугар алтан бирээскилээх. Тумсун халыҥ ынах тириитинэн хайа анньан тикпиттэр. Кээнчэтэ сукуна, кэтит билэлээн тигиллибит. Умнаһын, уллуҥун сииктэринэн араас өҥнөөх сабынан оһуордаммыта көрөргө олус тупсаҕай.[1]Атах таҥаһын көрүҥнэрэ

  1. Попова М.А. Саха төрүт культурата I чааһа. Дьокуускай, 1993.