Таҥалайдаах сон

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Таҥалайдаах сон. Сүрэхтэнии иннинэ саха дьахтара таҥалайдаах сон диэн таҥастааҕа. Таҥалайдаах сон сиэҕэ, саҕата суох, олортоххо туруору олоро сылдьар дороххой симэхтээх, оһуордаах буолар yhy диэн Сэһэн Боло суруйбута баар. Сэһэн Иванонич атын биллэриитинэн, кэдьиҥэ таҥалай диэн оһуордаах уһун сон эмиэ баара. Кэдьиҥэ таҥалай ойуулаах сон көхсө, икки эҥэрин иннэ моҕотой дьураатын курдук ойуулуу тигиллэрэ. Сүрэхтэнии нннннэ кэдьиҥэ таҥалайдаах сон эрдээх дьахтар булгуччу кэтиэхтээх таҥаһа этэ. Ити өйдөбүлүнэн, кэдьиҥэ таҥалай ритуальнай аналлаах эбит. '[1]былыргы сахалар соннорун көрүҥнэрэ

  1. Попова М.А. Саха төрүт культурата I чааһа. Дьокуускай 1993