Ташкеннааҕы телебашня

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ташкент башнята

Ташкеннааҕы телебашня - телевизионнай уонна радиовещательнай башня, Ташкент Юнусабад оройуонугар, метро "Бодомзор" диэн станциятыттан чугас турар. Үрдүгэ - 375 миэтирэ. Кини, Киин Азия, сылдьарга аһаҕас смотровой площадкалаах саамай үрдүк уонна 420 миэтэрэ үрдүктээх Экибастузтааҕы ГРЭС буруотун турбатын кэнниттэн Киин Азияҕа иккис үрдүк тутуу буолар. Маҥнай, телебашня бырайыага Багдадка анаан, куонкурус түмүгүнэн Керим Касем көрдөһүүтүнэн оҥоһуллубута. Ол эрээри, Иракка байыаннай переворот буолбутунан сибээстээн, башня тутуллубакка хаалбыта. Олоххо киирбэккэ хаалбыт бырайыагы, Шараф Рашидов өйөөбүтэ. Ташкеҥҥа телебашня туруохтаах миэстэтин көрдөөн саҕалаабыттара. Телебашня, 1978 с.саҕаланан, 6 сыл устата тутуллубута. 1985 с. тохсунньу 15 күнүгэр үлэҕэ киллэриллибитэ.

  • Бырайыак ааптардара - Ю.П.Семашко уонна Н.Г.Терзиев-Царуков.
  • Конструктордар - Е.П.Морозов уонна М.Д.Мушеев.
  • Телебашня үрдүгэ - 375 м.
  • Фундаменын үрдүгэ 11 м.
  • Муора таһымыттан үрдүгэ - 480 м.
  • Уопсай ыйааһына 6000 тоннаттан тахса.
  • Тутуу объёма 55500 кубическай миэтэрэ.

Телебашня ыстаалтан оҥоһуллубут. Хас биирдиитэ 93 м.үрдүктээх үс коническай атахха өйөнөр. Эргийэ турар, кыһыл(104 м.үрдүккэ) уонна күөх(98 м.үрдүккэ) турар икки саалалаах ресторааннаах. Төгүрүк смоторовой площадкатын үрдүгэ 94 м. Үс скоростной, Thyssen Krupp концерҥҥа оҥоһуллубут лииптэрдээх.

Телебашня сигнала Ташкеҥҥа уонна Ташкент уобалаһыгар бүтүннүү, Сырдарья уобалаһыгар уонна Казахстан соҕуруу оройуоннарыгар сорох сирдэригэр эрэ тиийэр. Телебашня элбэх министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр, коммерческай тэрилтэлэр сибээстэһэллэригэр туттуллар. Киниэхэ Узбек гидрометрологическай киинин үөһээттэн кэтээн көрөр комплекснай станцията туруоруллубут.

1986 с.от ыйын 19 күнүгэр, телебашня туттарыгар, В.В.Лобанкин хамандыырдаах, иһигэр"Узбекфильм" киностудия съемочнай группалаах, Ми-8 бөртөлүөт иҥнибит. Вертолёт Анхор канал аттыгар сууллубут. Иһгэр баар 6 киһи өлбүт. Бөртөлүөттэн уһуллубут сэбиэскэй Ташкент панорамата, "Алмазный пояс" диэн киинэ саҕаланар уонна бүтэр кадрдарыгар, титрдарын кытта киирбиттэр.