Тарбахов Иннокентий Иннокентьевич
Тарбахов Иннокентий Иннокентьевич — биллиилээх асчыт, «Тыгын Дархан» ресторан шеф-повара.
Олоҕун олуктара
1944 сыллаахха Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Биэс сааһыгар тулаайах хаалбыт. Оҕо эрдэҕиттэн асчыт буолар баҕа санаалаах эбит.
18 саастааҕыттан үлэлээбит, Нам остолобуойугар. Торгово-кулинарнай училищены туйгуннук үөрэнэн бүтэрбит.
«Тыгын Дархан» рестораҥҥа аһыллыаҕыттан үлэлиир.
"Саха Ас" региональнай общественнай хамсааьын председателэ.
Айар үлэтэ
Ас-үөл эйгэтигэр айымньылаах суолун Нам остолобуойуттан асчыт үөрэнээччититтэн саҕалаабыта. Эдэр дьоҕурдаах үлэһит сотору кэминэн бригадир, технолог, онтон остолобуой сэбиэдиссэйигэр тиийэ үүммүтэ.
50-ча сыл саха аһа аан дойдуга киэҥник биллэригэр элбэх үлэни ыыппыт, сахалыы тыыннаах Тыгын Дархан ресторан төрүттээччитэ.
Иннокентий Тарбаахап саха аһын туһунан хас да кинигэни суруйан бэчээттэппитэ. Бастакы кинигэтэ «Эн остуолуҥ сахалыы астара». Уонтан тахса сыл Саха Сирин телевидениетыгар «Тарбаахаптыын астыахха» биэриини ыытта.
Кинигэлэрэ
- «Эн остуолуҥ сахалыы астара». — Дь.: Кинигэ кыһата, 1986.
- «Өбүгэ алгыстаах аһа». — Дь.: Көмүөл, 2009. — 220 с.
- «Сандалы народов Якутии». — Дь.: Бичик, 2010. — 72 с.
- "Тарбаахаптыын астыахха"
- "Готовим с Тарбаховым"
- "Золотые рецепты якутской кухни" 2016 с.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Российскай Федерация маастар-асчыта
- Российскай Федерация эргиэнин үтүөлээх үлэһитэ
- Российскай Федерация потребкооперациятын туйгуна
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ
- Нам улууһун ытык киһитэ
- Таатта улууһун ытык киһитэ
- А. Е. Кулаковскай аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай бириэмийэтин лауреата (2014)[1]
Быһаарыылар
Сигэлэр
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |