Тарабукин Василий Архипович
Тарабукин Василий Архипович (1934.11.10) — оҕо суруйааччыта, прозаик, тылбаасчыт. 1992 сылтан Арассыыйа СС (Суруйааччылар Союзтарын) чилиэнэ.
Таатта улууһугар Баайаҕа нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ытык-Күөл орто оскуолатын бүтэрэн «изба-читальня» сэбиэдиссэйэ буолан үлэлиир. 1962 сыллаахха СГУ устуоруйа-тыл факультетын бүтэрэр. Аҕыс сыллаах уонна орто оскуолаҕа үөрэтээччинэн үлэлиир, «Коммунист» диэн улуустааҕы хаһыат сэбиэдиссэйэ буолар. 1969 сылтан «Бичик» кинигэ кыһатын уран уонна оҕо литературатын редакторынан үлэлиир.
Бастакы айымньылара 1956 сыллаахха улуустааҕы хаһыакка тахсыбыттара. «Тиргэлээх көҕөн» диэн бастакы кинигэтэ 1976 сыллаахха тахсыбыта. В. Тарабукин сорох кэпсээннэрэ саха оскуолаларыгар кылаас таһынан ааҕыы пособиеларыгар киирбиттэрэ. Ньуучча уонна хотугу омуктар суруйааччыларын айымньыларын саха тылыгар тылбаастаабыта. «Отличник печати СССР» диэн наҕараадалаах.
Кинигэлэр
- Тиргэлээх көҕөн. Кэпсээннэр. — Дьокуускай, 1976.
- Оппоос мүччүргэннээх сырыылара. Сэhэн, кэпсээннэр. — Дьокуускай, 1980.
- Чубарый. Рассказы. — Якутск, 1982.
- Үүнүүлээх ходуhаҕа. Кэпсээннэр. — Дьокуускай, 1984.
- Маныыһыт уонна эйэ. Кэпсээннэр. — Дьокуускай, 1989.
- Доҕордоһуу бэлэҕэ. Кэпсээннэр. — Дьокуускай, 1992.
- Тустаахха cohyмap суол. Сэhэн, кэпсээннэр. — Дьокуускай, 1994.
- Төрөөбүт буор сылaaha. Ырыанньык. — Якутскай, 1994.