Тайдула
Тайдула, Тайдулу, Тайтуглы-хатун (1361 сыл сааһыгар өлбүтэ[1]) – Алтан Ордуу хаанын Узбек ойоҕо, Танибэк уонна Дьанибэк уонна Хорезм баһылыгын Кутлуг-Тимур уолун Харунбэк ойоҕун ийэтэ.
Олоҕо
Узбек хаан ойоҕо Байалун 1323 сыллаахха өлбүтүгэр Тайдула Алтан Ордуу хаанын саҥа кэргэнэ буолбута. Р. Ю. Почекаев этэринэн Байалун өлбөккө Узбек хаантан аҕатыгар Константинопольга күрээбитэ. Байалун аҕата Византия ыраахтааҕыта Иккис Андроник этэ.
Узбек хаан бастакы уола, саҥа хаан буолуохтаах Тимур 1330 сыллаахха аҕатын иннинэ өлөн хаалбыта. Тайдула Узбектэн оҕолоро былааһы былдьаспыттара. Узбек улахан уола Тинибэк саҥа хаан буолуох курдук этэ, аҕата киниэхэ суолталаах дьыалалары биэрэрэ. Ол курдук Тинибэк Хорезм баһылыга буолбута, гынан баран 1339–1340 сылларга туох эрэ буолан Узбек саҥа хаан буоларга атын уолун, Дьанибэги ордорбута.
Узбек хаан өлбүтүн кэннэ
1341 сыллаахха Узбек хаан өлбүтүгэр киин куоракка Дьанибэк былааска кэлбитэ. Тайдула Дьанибэк хаан буоларын өйөөбүтэ. Ол да буоллар Алтан Ордуу тойотторо сокуону кэспэккэ Хорезмҥа баар Узбек хаан улахан уолун Тинибэги хаанынан талбыттара. Тинибэк Хорезмтан Сарайга айанныыр кэмигэр Дьанибэк Узбек хаан атын уолун Хызырбэги өлөрөн кэбиспит. Дьанибэктээх Тайдула Тинибэк Хызырбэк өлбүтүн мээнэ хаалларбатын өйдөөн бэйэлэрин өйөөччүлэрин хомуйан саҕалаабыттара. 1342 сыллаахха Тинибэк өлбүтүгэр саҥа хаан Дьанибэк буолбута. Тайдула Дьанибэги өйөөбүт буолан Тула куораты бас билиигэ ылбыта, ол аата кини баскактара Тула дьонуттан төлөбүр хомуйар буолбуттара.
Дьанибэктээх Тайдула нуучча таҥараһыттарын кытта ыарахан сыһыаннаах этилэр. Холобур, Дьанибэк таҥараһыттартан төлөбүр хомуйар буолбута, ол иннинэ Алтан Ордуу хааннара үгэс быһыытынан таҥараһыттары тыыппат этилэр.
1357 сыллаахха Дьанибэк Кавказ сэриититтэн төннөн иһэн ыалдьыбыта уонна түргэн баҕайытык өлбүтэ. Чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан Тайдула ыалдьыбыт хааны эмтэтээри нуучча таҥараһытын Ытык Алексийи ыҥырбыта. Тайдула Дьанибэк ыалдьыбытын кистээри бэйэтэ ыалдьан ыҥыттарбыт курдук быһыыламмыта. 1365 сыллаахха Алексий Тайдуланы эмтээбит буолан Москва Кремилигэр Чудов манастыырын туттарбыт[2].
1357 сыллаахха Дьанибэк өлбүтүн кэннэ кини уола, Тайдула сиэнэ Бэрдибэк саҥа хаан буолбута. Тайдула Бэрдибэк да саҕана дойду политикатын быһаарар этэ.
1359 сыллаахха Кульпа Бэрдибэги өлөрбүтэ уонна хаан буола сатаабыта, онуоха Тайдула кинини утары турбута.
1360 сыллаахха Тайдула политическэй интрига түмүгэр өлөрүллүбүтэ.
Эбии көр
Быһаарыылар
Литература
- Греков Б. Д., Якубовский А. Ю. Золотая Орда и её падение. — М., Л.: Издательство АН СССР, 1950.
- Григорьев А. П., Григорьев В. П. Платежная ведомость Тайдулы (1359 г.) // Вестник Санкт-Петербургского университета. — СПб., 1997. — Вып. 3, сер. 2. — С. 18—27.
- Кривцов Д. Ю. Дар Ханши Тайдулы митрополиту Алексею: реальность или легенда? // Древняя Русь. Вопросы медиевистики. — 2005. — № 3 (21).
- Кривцов Д. Ю. Рассказ о поездке митрополита Алексея в Золотую Орду в литературных источниках и историографии // Мир истории. — 2002. — № 5.
- Почекаев Р. Ю. Цари ордынские. Биографии ханов и правителей Золотой Орды. — СПб.: ЕВРАЗИЯ, 2010. — 408 с. — 1000 экз. — ISBN 978-5-91852-010-9
- Почекаев Р. Ю., Почекаева И. Н. Властительницы Евразии: История и мифы о правительницах тюрко-монгольских государств XIII−XIX вв. / Р. Ю. Почекаев, И. Н. Почекаева. — СПб.: ЕВРАЗИЯ, 2012. — С. 186−202. — 384 с. — (CLIO). — 1000 экз. — ISBN 978-5-91852-056-7 (в пер.)
- Селезнёв Ю. В. Элита Золотой Орды. — Казань: Издательство «Фэн» АН РТ, 2009. — 232 с.