Тааттааҕы Былатыан Ойуунускай аатынан норуот тыйаатыра

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тааттааҕы Былатыан Ойуунускай аатынан норуот тыйаатыра - Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ баар Саха сиригэр бастакы норуот тыйаатыра.

РСФСР Култуураҕа министиэристибэтин көҥүлүнэн 1959 сыллаахха тэриллибитэ. Бу иннинэ 1957 сыллаахха Таатта артыыстара бэйэлэрин ускуустубаларын Москуба куоракка ситиһиилээхтик көрдөрбүттэрэ олук буолбута[1].

Устуоруйата

Тэриллии иннинээҕи

1953 с. РСФСР урдунэн уус-уран самодеятельнай көрүү ыытыллыбыта. Ол түмүк көрүүтүгэр оройуон 20 талыы ыччата өрөспүүбулүкэҕэ киирэн I миэстэни ылбыттара. Саара Галимуллина, Мария Константинова, Константин Байбаллыков, Михаил Тихонов, Гаврил Неустроев о.д. а. лауреааттарынан буолбуттара.

1957 с. ахсынньыга Москваҕа буолбут саха литературатын уонна искусствотын биэчэрдэригэр оройуон уус-уран самодеятельнаһын 27 бастыҥ кыттааччылара Л. Турнин, И.Жегусов, А. Андросов, А. Егоров, Г. Неустроев, Л. Андросова, В. Чьямова о. д. а. ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ.

1959 с. Саха сирин ыччатын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивалыгар култуура оройуоннааҕы дьиэтин уус-уран самодеятельноһа кыттыбыта. Онно оскуола үөрэнээччитэ Нина Хоютанова, ол кэннэ В.Ким, В.Орлова, И. Слепцов, И. Жегусов о. д. а. фестиваль лауреааттарын аатын ылбыттара[2]

Тэриллии

РСФСР Миниистирдэрин сэбиэтин 1959 с. олунньу 28 к. уурааҕынан, РСФСР үрдүнэн 100 саҥа «Баҕа өттүнэн оонньооччулар драматическай народнай театрдарын» тэрийии буолбута. Өрөспүүбулүкэҕэ балаҕан ыйыгар Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ аан бастаан Тааттаҕа народнай театры аһарга быһаарбыта.

Аан бастааҥҥы народнай театры 1959 с. ахсынньы 26 к. Ытык Күөлгэ үөрүүлээхтик миитиннээн оройуон үлэһиттэрэ аспыттара. Оттон народнай театры аһар туһунан уураах күһүн тахсыбыта.

Быһаарыылар

  1. http://www.exo-ykt.ru/articles/24/index.php?ELEMENT_ID=2250 Олонхо как новый вид театрального искусства. "Эхэ столицы" хаһыат, 2010.03.19
  2. Андросов Н.Х. Сырдык суолунан. 1972 с.