Стафилококктар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Стафилококктар

Стафилококктар (лат. Staphylococcus) — бактериялар биистэрин ууһа. Бу биис ууһугар билигин 27 көрүҥ баара биллэр. Онтон 14 көрүҥэ эрэ киһиэхэ булуллубут. Ол 14 көрүҥтэн үһэ киһини ыарытыннарар кыахтаах.

Аата kokkos ол аата «туораах» уонна staphylos ол аата «гроздь» диэн Микробиологияҕа Staphylococcus диэн тиэрмин 1881 сыллаахха киллэриллибит. Микроскобунан көрдөххө стрептококтар кырдьык үүнэн турар виноград курдук мустубут буолаллар.

Стафилококктар ыарыыны көбүтэр кыаҕа, ханнык баҕарар бактерия гиэнин курдук «патоген фактордартан» тутулуктаах. Ол аата микроб бэйэтэ буолбакка, кини иһигэр киирэр эбэтэр кини оҥорон таһаарар веществолара куһаҕаны онороллор.

Стафилокок микрокапсулата (тас бүрүөтэ) фагоцииттар атаакаларыттан көмүскүүр уонна бактерия организм иһигэр киирэрин хааччыйар. Саанык истиэнкэтэ воспаление уонна аллергия реакцияларын үөскэтэр, иммуноглобулиннар дьайыыларын тохтотор, фагоциттары хамсаабат оҥорор. Элбэх ферменнара саанык структуураларын алдьаталлар, антибиотиктары «үлэлээбэт» оҥороллор.

Гемолизин диэн эттик хаан сааныктарын (эритроцииттары, лейкоцииттары уонна да атын сааныктары) алдьатар. Гемолизин 4 көрүҥнээх. Эбии стаафилокок иһигэр токсииннар — дьааттар — баар буолаллар. Балар уонтан тахса көрүҥнээхтэр.

Бу араас патоген фактордардаах буолан стафилококктар хас да көрүҥнээх ыарыылары дьоҥҥо уонна кыылларга аҕалаыахтарын сөп — холобур, тирии ириҥэрэн бааһырыыта, менингит, тыҥа ыарыыта, сиэпсис, ис ыарыыта.

Үс патогеннай стафилококк көрүҥнэрэ

Көмүстүҥү стафилококк (эпидермис стафилокуога (S. epidermidis) уонна сапрофит стафилококк (S. saprophyticus).

Сапрофит стафилококк — саамай «мөлтөхтөрө», биирдэ эмэ оҕолору ыарытыннарар, уонна дьахталлар хабахтарын (арыт бүөрдэрин) воспалениетын төрүөтэ буолар. Олохсуйар сирэ - ахта тириитэ уонна иик тахсар ханаалын слизистайа.

Эпидермис стафилокуага ханна баҕарар олохсуйуон сөп — ханнык баҕарар слизистай бүрүөлэргэ, тирии хайа баҕарар учаастагар. S. epidermidis ыарыыны саҕар кыаҕа кыра — ханнык баҕарар чэгиэн киһи (оннооҕор саҥа төрөөбүт оҕо) организма кинини чэпчикитик уодьуганныыр. Тириигэ олорор эрээри хаһан да тирии бааһын төрүөтэ буолбат. Мөлтөөбүт эрэ дьону буулуур: эпэрээсийэ кэнниттэн, реанимацияҕа сытар дьону иҥин. Иһирдьэ киирдэҕинэ (катетер, баас нөҥүө) сиэпсис эбэтэр эндокардит буолуон сөп. Оҥоһуу протезтарга (сүрэх клаапаннарыгар, тымырдарга, сүһүөхтэргэ) бу стафилокок үксүн көстөр.

Саамай биллэр уонна күүстээх стафилококк — көмүстүҥү. Бу эрэ стафилококк толору патоген фактордардаах. Сүүсчэкэ киһи ыарыытын төрүөтэ буолар. 150 °С итиини 10 мүнүүтэ тулуйар. Тыыннаах испииргэ өлбөт. Водород перекиһиттэн өлбөт — каталаза диэн фермент таһаарар, онтуката переиһи алдьатар.

Натрий хлоридын суурадаһыныгар өлбөт. Ол аата киһи көлөһүннүттэн куттаммат. Липааза диэн фермена сыаны алдьатар, онон баттах мөһөөччүгүн сыа бүрүөтүн нөҥүө ккирэн кэлтэһэ, кутургуйа төрүөттэрэ буолар.

Ол гынан баран сорох красителлэргэ хамаҕатык бэринэр, холобур зеленкаҕа.