Соҕуруу Кэриэйэ воната

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Соҕуруу Кэриэйэ воната
대한민국 원(大韓民國 圓)
ISO 4217 кода KRW
Туттааччы(лар) Flag of South Korea.svg Соҕуруу Кэриэйэ
Инфляция 1.3%
Source 2016 Олунньу, Сыл-кэнниттэн-сыл тэҥнээһинэ
Subunit
1/100 чон
Бэлиэтэ
Манньыаттар ₩10, ₩50, ₩100, ₩500
Банкноталар ₩1,000, ₩5,000, ₩10,000, ₩50,000
Киин баан Соҕуруу Кэриэйэ Киин Баана
Уэбсайта eng.bok.or.kr

Соҕуруу Кэриэйэ воната (кэр. , KPW) диэн Соҕуруу Кэриэйэ валютатын биирдигэ. Биир вона 100 чоҥҥа арахсар, ол гынан баран билигин туттуллубат. Вона Соҕуруу Кэриэйэ киин куоратыгар Сеулга бэчээттэнэр. Өссө атын вона — Хоту Кэриэйэ воната баар.

Аатын устуоруйата

Урукку вона диэн тыл Кытай юаньын уонна Дьоппуон иенатыгар сыстыганнаах. Хандьаҕа баар иенаттан (), бэйэтэ кытай тылыгар баар иероглифтан тахсыбыт. төкүнүк формалаах диэн тылбаастанара. Билиҥҥи вонаны кэриэйэ буукубалаларынан эрэ суруллааччылар. Bank of Korea. 화폐 < 홍보교육자료 < 우리나라 화폐단위 변경 | 한국은행 홈페이지. #1 (Korean). — «한글로만 표기" → Translation: "Spelling in hangul only»  Тургутулунна 24 Сэтинньи 2012.</ref>

Эргиигэ 1962 сыл бэс ыйын 9 күнүгэр тахсыбыта. Онно биир вонаны уон Соҕуруу Кэриэйэ хваныгар уларыталлара. 1975 сыл кулун тутар 22 күнүгэ хваннаах харчы бүппүтүн кэннэ соҕотох төлөбүр ньымата буолбута. ISO 4217 куодугар KRW диэн буукубалаах куод биэриллибитэ.1962 сыллаахха сэрии буолар бириэмэтигэр вона АХШ дуолларыгар баайыллыбыта.

1980 сыл олунньу 27 күнүттэн бэйэтин курсугар тахсарыгар хардыылар оҥоһуллубуттара. Толору бэйэтин курсугар 1997 сыл ахсынньы 24 күнүгэр Аан дойду үп пуондатын кытта сөбүлэһии илии баттаммытын кэннэ тахсыбыта.[1] Сотору буолан баран Азия үп кризиһын түмүгэр икки төгүл чэпчээбитэ.

Быһаарыылар

  1. Kurt Schuler. Tables of modern monetary history: Asia. Currency Boards and Dollarization(суох сигэ — история) (29 февраля 2004). Тургутулунна 10 сентября 2008. Төрүт сириттэн архыыптанна 17 Кулун тутар 2006.