Слепцов Поликарп Иванович - Ньоомньоон уола

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Слепцов Поликарп Иванович - Ньоомньоон уола (1868-1924), Боотур уус улууһун (билигин Таатта сирэ) Уус-Амма нэһилиэгиттэн төрүттээх. Дьиҥинэн, кини Ньоомньоон уола буолбатах, Ньоомньоон Ньукулай кини эһэтэ.

Маҥнай Димитриан аҕабыыт дьиэтээҕи оскуолатыгар Ытык Күөлгэ үөрэммит, онтон Чурапчы икки кылаастаах училищетын бүтэрбит. П.И. Слепцов Дьокуускай прогимназиятын толору кууруһун бүтэрбит Таатта аҕыйах дьонун ахсааныгар киирэр. Үөрэҕин кэннитгэн 1-гы Дьохсоҕон нэһилиэгин старостатынан талыллар, ол кэннэ Боотур уус улууһун суруксута буолар. Уус тыллаах араатар быһыытынан биллэрэ.

«Союз якутов» диэн общественнай-политическай тэрилтэ көхтөөх чилиэнэ этэ.

Улууһугар маҥнайгы оскуолалар Ытык Күөлгэ, Чычымахха, Чөркөөххө аһыллалларыгар көмө буолбут өҥөлөөх. Ытык Күөлгэ 1902 с. бастакы сүһүөх училище аһылларыгар бэйэтин дьиэтин туран биэрбитэ.

Колчак былааһа кыайбытыгар 1918-1919 сс. Таатта улууһугар земскэй управа бэрэссэдээтэлэ буолбута. 1919 с. Колчак былааһа эстэн, коммунистар былаастара олохтонон барбытыгар П.И. Слепцов Охотскайга күрүүр. 1923 с., Охотскайга олорон, гражданскай сэрииттэн тэскилээн сылдьар 248 саха мунньаҕар бэрэссэдээтэлинэн талыллар, мунньах Пепеляевы өйүүр резолюция ылынар.

П.И. Слепцов 1924 с. эмискэ ыалдьан өлөр.

1913 с. таатталар, Боотур уус улууһуттан арахсан, туспа Таатта улууһа буолалларыгар П.И. Слепцов элбэх сыратын биэрбит өҥөлөөх[1].

Быһаарыылар

  1. Слепцов Н.М. Сэдэх хаартыска туһунан. Күрүлгэн. 2012