Скрябин Василий Васильевич
Скрябин Василий Васильевич — Саха Республикатын бөдөҥ государственнай уонна общественнай деятелэ, талааннаах салайааччы, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын Үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина.
Олоҕун олуктара
- 1944 сыллаахха тохсунньу 21 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар Майа сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
- 1963 с. Майа орто оскуолатын бүтэрбитэ.
- 1963—1968 сс. М. Горькай аатынан совхоз комсомольскай тэрилтэтин сэкэрэтээрэ.
- 1965—1968 сс. Советскай армияҕа сулууспалаабыта.
- 1968—1973 сс. СГУ ИФФ ИО студена, СГУ комсомольскай тэрилтэтин сэкэрэтээрэ.
- 1973—1976 сс. ЫБСЛКС Мэҥэ-Хаҥаластааҕы райкомун бастакы сэкэрэтээрэ.
- 1976—1980 сс. М. Горькай аатынан совхоз парткомун сэкэрэтээрэ.
- 1980—1983 сс. Ленин аатынан совхоз директора.
- 1983 с. ССКП обкомун тыа хаһаайыстыбатыгар отделын инструктора.
- 1983—1988 сс. ССКП Орджоникидзевскайдааҕы райкомун сэкэрэтээрэ, народнай депутаттар оройуоннааҕы советтарын председателэ.
- 1988—1990 сс. ССКП Верхоянскайдааҕы райкомун бастакы сэкэрэтээрэ.
- 1990—1992 сс. ССКП обкомун сэкэрэтээрэ.
- 1992—1995 сс. Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Дьаһалтатын баһылыга.
- 1995—1998 сс. Санкт-Петербург куоракка Саха Республикатын бастайааннай бэрэстэбиитэлэ.
- 1998 с. тохсунньу 21 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ.
- 1998 сыллаахтан Чүүйэ орто оскуолата Скрябин Василий Васильевич аатын сүгэр.
Ылыллыбыт сирэ
- Үөрэх-билии аартыгынан: В. В. Скрябин аатынан Чүүйэ орто оскуолатын 60 сылыгар. — Дьокуускай, 2008
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |