Сивцева Анастасия Иннокентьевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сивцева Анастасия Иннокентьевна (1914—2002[1]) — Саха сиригэр географияҕа анал үөрэхтээхтэртэн биирдэстэрэ, Саха судаарыстыбыаннай университетыгар география кафедратын арыйбыт киһи.

1914 сыллаахха Чурапчы улууһугар Сылаҥ нэһилиэгэр Мытыйыкы-Сивцев Иннокентий Иванович дьиэ кэргэнигэр 15-с оҕонон төрөөбүтэ. Москубатааҕы Бубнов аатынан педагогика институутун (кэлин Ленин аатынан МПГИ) бүтэрбитэ. 1956 с. СГУ-га география кафедратын арыйбыта.

Кыыһа Винокурова Татьяна Захаровна эмиэ географ буолбута, географическэй наука кандидаата[2].

Кинигэлэрэ

  • География Якутской АССР : Учеб. пособие / А. И. Сивцева, С. Е. Мостахов, З. М. Дмитриева, 166,[1] с. ил. 22 см, испр. и доп. Якутск Кн. изд-во 1984 уонна 1990
  • Словарь географических терминов / Г. Н. Максимов, А. И. Сивцева, 112 с. 21 см, 1-е изд. Якутск Нац. кн. изд-во «Бичик» Респ. Саха (Якутия) 1993

Быһаарыылар

  1. [1]
  2. География и краеведение. Дьокуускай, 2010

Сигэлэр